Page 88 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 88

рын кыайан булбата. Сүүстэриттэн тахсыбыт оҕонньоттор,
эмээхситтэр билигин да тэп курдуктар. Быраас көрдөҕүнэ,
ыарыһахда курдук кырдьаҕастар бэйэлэрин букатын доруоба-
йынан ааҕыналлар. Улаханнык ыалдьа сылдьыбыт кинилэр
ортолоругар суох. Бары дьиэлээхтэр-уоттаахтар, оҕолоохтор-
уруулаахтар. Сүнньүнэн, булдунан уонна сүөһү иитиитинэн
дьарыктанан олороллор. Син атын сир олохтоохторун курдук,
салгыҥҥа элбэхтик сылдьаллар. Бары дьон курдук дьон. Олох-
торун усулуобуйата да атын дьон киэниттэн туох да уратыта
суох курдук. Ньургун Николаевич Долбор олохтоохторо тоҕо
уһун үйэлэммиттэрин төрүтүн толкуйдаан көрдө да, тугу да
кыайан тобулбата. Удьуордааһын буолуо дуо? Удьуордааһын
да сабыдыала баар буолуо буолан баран, онон эрэ муҥур-
даммат быһыылаах. Сибиэһэй ас оруола эбитэ дуу? Баҕар,
буолуо. Ол эрэн сибиэһэй аһы Долборго эрэ сииллэр үһү дуо?
Оччоҕо тугуй? Били Иван Никонович эппитин курдук, бары
үчүгэй усулуобуйалар тоҕоостоохтук дьүөрэлэһиилэрин түмүгэ
дуо? Олус уопсай быһаарыы. Оччоҕо тугуй? Долбор олохтоох-
торугар туох ураты баарый?

Анаан дьүүллэһии

    «Кэнникинэн өлүү туһунан өссө туох эрэ үчүгэй сынньалаҥ,
сылаанньыйыы, дуоһуйуу дуу курдук саныыр буоллум...» диэн
Чагда оҕонньор этиитэ айымньы идейнэй ис номоҕо арыллыыты-
гар туох суолталааҕын бэлиэтэниҥ. Ньургун Николаевич санаа-
тын кытта тэҥнээн көрүҥ. Туох түмүккэ кэлбиккитин түмэҥҥит,
кэпсэтии тэрийиэххитин сөп.

                              Долбор туһунан номох

    — Биһиги билэрбитинэн, эн саҕа уһун үйэлээх киһи Саха
сиригэр билигин суох. Уонна бу Долбор бөһүөлэгин курдук
олус элбэх уһун үйэлээх дьоннор олорор бөһүөлэктэрэ баа-
ра эмиэ биллибэт. Ити туохтан буолуо дии саныыгын, Чагда
кырдьаҕас? — диэтэ Ньургун Николаевич Чагда оҕонньор би-
лигин да тэтиэнэх көрүҥүн, төбөтүн оройуттан харааран эрэр
баттаҕын сэҥээрэн одуулуу-одуулуу.

    — Оттон ити кинигэҕэ, хаһыакка суруйалларын курдук, аһыыр
аспыт сибиэһэйиттэн, уубут-салгыммыт ырааһыттан буоллаҕа
буолуо, — оҕонньор чочумча тохтуу түстэ.

  88
   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93