Page 83 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 83
— Биһиги таксибыт бу. Олорунан кэбис, — Данил Максимо-
вич илиитин даллах гыннаран ыалдьытын ыҥырда...
— Мэхээйилэп ыстатыйата барыта кырдьык. Манна 70-ча
100-тэриттэн тахсыбыт саастаах дьон олорор. Олор истэригэр
Чагда Байанаайап — 186-та, Түргэн Айаанап — 154-дэ, Хо-
йутаанаба Лаглайа — 149-һа, Чыгыы Уранаайап — 145-һэ.
Атыттарын саастарын кыайан өйдөөбөтүм. Хаһаайыстыбаннай
кинигэттэн көрөн баран, хойут бэйэҥ биирдиилээн көрсөн кэп-
сэтиһиэҥ буоллаҕа. — Данил Максимович үрүүмкэлэргэ арыгы
кутуталаата. — Собото сиэ. Бу дойду собото бөдөҥө, эмиһэ
кэпсээҥҥэ киирэн турар.
— Данил Максимович, оттон ити кырдьаҕастар тоҕо биэ-
рэпискэ, эбэтэр статистикаҕа киирбэтэхтэрэй? — Ньургун Ни-
колаевич, тэриэлкэни икки өттүнэн төбөтө уонна кутуруга
остуолга намылыйан түспүт ыһаарыламмыт бөдөҥ собону, ис-
кэҕин хостуу-хостуу, биир кинини улаханнык муодарҕатар боп-
пуруоһун ыйытта.
— Дьэ, итинтиҥ иһэ истээх. Райстакка олорор киһи, ол
киһи соторутааҕыта дойду сиртэн кэлбит кэмэ этэ, биирдэ
отчуот оҥорон киирбиппин: «Билиҥҥэ диэри эһэни бултуур
киһини ким кырдьыктаныаҕын 160 саастаах диэн суруйаҕын?
Нэһилиэгиҥ үс гыммыт биирэ сүүһүттэн тахсыбыт дьон үһү
дуо, ама? Итинник сымыйа отчуоту биэрэн тугу туһанаары
гынаҕын?» — диэн дэлби мөҕөн баран, дьоннор саастарын
бэйэтэ туруортаабыта. Мин улаханнык утарыласпатаҕым. Кыр-
дьыга, пенсия ылар буолла да, киһи сааһа 10—20 сыл ула-
рыйбытыттан барыыс-ночоот суох дии санаабытым. Онон ити
кырдьаҕастар быдан кыра саастаах курдук отчуоттаммыттара
уонна отчуоттаналлар даҕаны. Көрөрүҥ курдук, биһиги ула-
хан түҥкэтэх сиргэ олоробут, улахан куһаҕан, улахан үчүгэй
эмиэ суох. Онон киһи оччо-бачча сылдьыбат. Уһун үйэлээхтэри
интэриэһиргээн сураспыт дьону быйылга диэри истибэт этим.
Кэлбит киһи барыта үүт, эт, булт айдаана буолар.
— Кырдьаҕастаргыт бары дэриэбинэҕэ олордохторо дии?
— Бары дэриэбинэҕэ. Манна үс учаастактаахпыт. Биэс-алта
сиргэ пиэрмэлэр бааллар да, олорго улахан кырдьаҕас киһи
суох. Уһун үйэлээхтэр бары кэриэтэ Долбор олохтоохторо. Ха-
та, билигин төһө киһи дэриэбинэҕэ баара буолла? — Данил
Максимович кэтэҕин тарбанна.
— Хайдах диэн эттэххиний? — Ньургун Николаевич өйдөө-
бөтө.
— Ол оҕонньотторуҥ, эмээхситтэриҥ дьиэҕэ олорбот дьон
83