Page 81 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 81

лаевич Саха сирин уһун үйэлээхтэрин доруобуйаларын туругун
сэргэ, кинилэр олохторун-дьаһахтарын, майгыларын-сигили-
лэрин, астарын-үөллэрин балачча сиһилии үөрэппитэ. Саха-
лар уһун үйэлэниилэрин сүрүн биричиинэтинэн кини урукку
кэмҥэ айылҕа аһыныгаһа суох тыйыс усулуобуйатын тулуйбут
эрэ дьон сүүмэрдэнэн испиттэринэн быһаарара. Доруобайтан
доруобай, чэгиэнтэн чэгиэн дьон, эдэр саастарыттан кытаанах
усулуобуйа эрийэн-мускуйан эрчилиннэрбит дьоно тоҕо уһун
үйэлэнэллэрэ киһини оччо муодарҕаппат. Дьоннор бэйэ-бэйэ-
лэриттэн тэйэ алаастарга олоруулара, ыраас салгын, быччыҥ
үлэтэ ыарыы-сүтүү тарҕанарын мэһэйдиирэ, дьон доруобай
буоларыгар көмөлөһөрө. Итини сэргэ Чорооноп уһун үйэлээх
сахалар чэйи элбэхтик иһэллэрин бу үлэтигэр чорботон бэ-
лиэтээбитэ.

    Айылҕа тыйыс усулуобуйата сүүмэрдиир оруолун, ыраас
салгын, сибиэһэй ас, үчүгэй настроение киһи уһун үйэлэнии-
тигэр суолталарын туһунан урут да элбэхтик суруйаллара.
Аспирант үлэтин сүрүн түмүктэриттэн олохтоох астарынан,
ордук этинэн хото аһылыктаныы уонна чэйи элбэхтик иһии
хоту дойду олохтоохторун доруобуйаларыгар улахан туһалаах
буолуохтаахтар диэн сабаҕалааһыннара диссертация балачча
кэрэхсэбиллээх уонна мөккүөрдээх түгэннэринэн этилэр.

    Чорооноп ити идиэйэлэрэ араастаан сыаналаммыттара.
«Буортулаах теория», — диэн утарбыттара сорохтор. «Итиннэ
туох да саҥа суох», — диэн сэҥээрбэтэхтэрэ атыттар. «Туох
эрэ баар», — диэбиттэрэ үһүстэр. Ол гынан баран, Чорооноп
үлэтин, уопсайынан, үрдүктүк сыаналааччылар, саҥаны көр-
дөөһүн, аптарытыаттартан куттаммакка эрэ бэйэ толкуйунан
баар матырыйааллары табатык, научнайдык ырытан сөптөөх
түмүктэри оҥоруу, дьиҥнээх чинчийээччи бастакы дьоһуннаах
үлэтин курдук көрөөччүлэр элбэх этилэр. Оттон Чорооноп бэ-
йэтэ диссертациятын научнай үлэ киэҥ аартыгар киирэригэр
оҥоһуллубут кыракый хардыы эрэ курдук көрөрө.

    Чорооноп иһигэр үөрэтэр наукатыттан күн аайы туох эрэ
дьиктини, улаханы, сөҕүмэр кэрэхсэбиллээҕи кэтэһэрэ. Ол кэ-
тэспит кэтэһиитэ, күүппүт күүтүүтэ дьэ бу бүгүн соһуччу сонун,
күүтүллүбэтэх ыалдьыт буолан тиийэн кэлбитин сүрэҕинэн сэ-
рэйбитэ.

    Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, бастаан Ньургун Николае-
виһы бүгүҥҥү ыстатыйа улаханнык соһутта даҕаны, симитин-
нэрдэ даҕаны. Төһөтүн да иһин кини Саха сирин үгүс оро-
йуоннарын уһаты-туора сыыйталаабыта, элбэх уһун үйэлээх

                                                                                                                                      81
   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86