Page 76 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 76

гэнимэ, ханнык баҕарар куорат олохтооҕо, сиринэн дьарыкта-
нааччы бааһынай ити эн курдук эппиэттиэ этэ. Дьэ, билигин,
саха киһитэ, эт эрэ, эн санааҕар, кыаллар буоллаҕына, Томмот
Иванович саастыылааҕа саха киһи санаатыгар, айылҕа диэн
тугуй? Ыт диэн тугуй?

    — Сахалар айылҕаны тыыннаах курдук өйдүүллэрэ. Салаҥ
киһи тыаҕа таҕыстаҕына, ойуур маһа ытыыр, оттон уус киһи
таҕыстаҕына — үөрэр. Ол аата, айылҕа киһиэхэ үтүөнү баҕа-
рар. Кыыллар, син биир киһи курдук, үөрэллэр, хомойоллор,
бэйэлэрэ өйдүүр өйдөөхтөр, саныыр санаалаахтар. Ол иһин,
туһата суох кыыллары, көтөрдөрү өлөрбөттөрө. £йүнэн-мэйии-
тинэн ордук эһэ ытыктанара, кини киһи санаатын таайара, киһи
кэпсэтиитин хантан баҕарар истэр диэн өйдүүллэрэ. Кини
туһунан куһаҕаны саҥардахха өстөһүөн, иэстэһиэн сөптөөҕө.
Дьон үксэ олоҕун үтүө кэмин айылҕаҕа атаарара, онон айылҕа
кини иккис дьиэтин кэриэтэ этэ. Билигин ити сыыйа уларыйан
иһэр... Оттон ыт иитээччи-аһатааччы дьиэ кэргэнин быһыы-
тынан сыаналанара.

    — Дьэ ити! Булчут удьуордаах, үөрэхтээх, талааннаах Том-
мот Иванович ыты букатын атын хараҕынан көрөрө саарба-
ҕаламмат. Ол да иһин кини Баһырҕаһы уруулуу эттээх-хаан-
наах дьону буларга үөрэтэригэр чэпчэки эбитэ буолуо. Куорат
олохтооҕо итинник хардыыны оҥороро ыарахан. Ол иһин этэ-
бин — Москваҕа, Ленинградка, Харьковка да эйигин, Пётр Ни-
колаевич, түргэнник өйдүү охсоллоро саарбах. Томмот Иванович
ньыматын, биллэн турар, өр дуу, өтөр дуу буолан баран ким эрэ
хаттаан арыйыаҕа. Ону кэтэһэр бырааптаахпыт дуо? Ити ньы-
маҕа төһө киһи наадыйарый, төһө киһи эрэйи-муҥу көрөрүй?
— «Философ» мин диэки ыйытардыы көрөн олордо. «Фило-
соф» миигиттэн тугу кэтэһэрин өйдүүр этим. Ол гынан баран,
билигин киниэхэ, бииргэ айаннаан иһэр атын аргыстарбар да,
туох да диэн эппиэти биэрэр, эрэннэрэр кыаҕым суоҕа.

    Мин туран купеттан көрүдүөргэ тахсыбытым. Богуоҥҥа бука
бары утуйа сыталлара. Богуон сымнаҕастык дьигиҥнээн, ха-
чайданан ылара. Таһырдьа толору ый сырдыгар сайыҥҥы күөх
киистэлэрин кэппитинэн турар баараҕай мастар элэҥнэһэн
ааһаллара. ¥түө да кыраай. Билигин мин дойдубар, Саха си-
ригэр, били бэйиэт эппитинии, хаар кыыдамнаан эрдэҕэ, күөл-
лэргэ күдэрик түстэҕэ... Томмот Иванович Баһырҕаһа Сахатын
сирин, бултуур тыатын, оҕо сааһын санатара буолуо өссө...

    Пётр Николаевич бүгүҥҥү кэпсээнэ уонна биһигини кытта

  76
   71   72   73   74   75   76   77   78   79   80   81