Page 78 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 78
4. Томмот Иванович медицинаҕа саҥаны арыйыыта туохха
олоҕурарый?
5. Айымньы сыала тугуй?
6. Кыра кылааска остуоруйа жанр быһыытынан уратытын
үөрэппиккит. Бу кэпсээни остуоруйа диэхпитин сөп дуо?
Кэпсээҥҥэ дьиҥ олоххо баары уонна суруйааччы фантазия-
тын арааран бэлиэтээҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
«Ким эмэ, хаһан эмэ Томмот Иванович ньыматын иккистээн
арыйарын биһиги кэтэһэр бырааптаахпыт дуо?» диэн «фило-
соф» бүтэһик ыйытыы этиитигэр олоҕураҥҥыт кылгас фантас-
тическай хабааннаах кэпсээннэ суруйуҥ. Кэпсээҥҥитигэр аатта
толкуйдааҥ.
Анаан дьүүллэһии
Бу кэпсээни ааҕаргытыгар киһи олоҕун уонна майгытын хан-
нык ураты өрүттэрин бэлиэтиэ этигитий? «Көрсүө киһи өйө бай-
ҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук» диэн өс хоһоонун хайдах
өйдүүгүтүй? Маннык түгэннэргэ болҕомтоҕутун ууруҥ: көрсүө-сэ-
мэй киһи» өйдөбүл дириҥ суолтата тугуй? Атын норуоттар көрсүө
киһи туһунан этиилэрин булуҥ, кэпсэтиигэ бэлэмнэниҥ. «Көрсүө
киһи өйө байҕал» — хайдах киһи туһунан этиллэрий?
Өйдөө, болҕой
Фантастика диэн киһи туохха баҕарарын, туохха дьулуһарын өй
көмөтүнэн оҥорон көрөн бу дьиҥнээх олоххо баар курдук уобарас-
таан көрдөрүүнү ааттыыбыт.
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«Нуучча географическай уопсастыбата тэриллибитэ 100 сылыгар
аналлаах Беринг силбэһиитин харбаан туорааһыҥҥа аан дойду хас
да дойдутуттан мустубут улахан ууһуттар Угаров биологическай тер-
мометрын тутуннулар. Бу термометр киһи тымныыттан хайдах ха-
рыстанарын, организм кыаҕын сөпкө аттаран көрдөрөргө туһалаах.
78