Page 79 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 79
Угаров термометрын нуула Цельсийгэ тэҥнээтэххэ, +4 кыраадыс. Бу
дьикти температура, манна туох баар биологическай реакция ба-
рыта тохтуур, уурбут аһыҥ сытыйбакка сылы сыллаан туруон сөп.
Онон Угаров кыраадыһа тыыннаах эйгэҕэ олус туһалаах, кэлин тэ-
нийэр-тарҕанар кэскиллээх».
Владимир Степанов
Гавриил Спиридонович Угаров 1997 сыллаахха биологическай наука
дуоктарын истиэпэнигэр ситиһиилээхтик диссертация көмүскээбитэ.
Тымныы тыынар тыыннаахха дьайыытын үөрэтэр криобиология диэн
наукаҕа саҥа салааны — прокриобиологияны киллэрдэ. Тымныы диэн
өйдөбүл биологическай ис хоһооннооҕун дакаастаата.
Г.С. Угаров — «Саха сирин тэллэйдэрэ» диэн кинигэ ааптара.
Ити биһиги төрөөбүт кыраайбытыгар үүнэр тэллэйдэр тустарынан
бастакы кинигэ. 50-ча тэллэйи кини сахалыы ааттаабыта. Кини «Нууч-
чалыы-сахалыы биологическай терминнэр тылдьыттарын» оҥорсубу-
та уонна эрэдээктэрдээбитэ.
Угаалаах диэн псевдонимы кини хойут ылыммыта. Аҕатын таптал
аата Угаалаах диэн эбит. Хойутаан, кэмин аһаран баран, төрөөбүт
оҕону былыргылар угаалаан төрөөбүт диэн ааттааччылар. Онон Угаа-
лаах бэйэтин хойутаан суруйааччы буоллум диэн, итинник ааттаммыт
буолуон эмиэ сөп.
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Долбор сулуһа
(Сэһэн кылгатыллыбыта)
Соһуччу сонун
— Ньургун Николаевич, бүгүҥҥү хаһыаты көрдүҥ дуо? —
диэн Чороонобу көрүдүөргэ көрсө түһээт, Дьирибинэ Сиидэ-
рэбинэ ыйытта уонна, ымах гынаат, эҕэлээхтик эбэн эттэ: —
Олус интэриэһинэй ыстатыйа баар!..
— Бокуой булан көрө иликпин ээ, — диэн хардарда Ньургун
Николаевич, уоһун ыртатан мичээрдээбитэ буола-буола. «Ити
хотун сахалыы аахпат этэ дии, ол аата миэхэ сыһыаннаах уон-
на туох эрэ куһаҕан матырыйаал таҕыстаҕа», — диир санаа
төбөтүгэр элэс гынан ааста. — Баһыыба, ааҕыаҕым.
Ол хаһыат төрдүс страницатыгар «Хоту эбэ кытылыгар»
диэн өрөспүүбүлүкэ биир биллэр кыраайы үөрэтээччитэ уон-
на үгүстүк бэчээттэнэр суруналыыс Уйбаан Михайлов балайда
79