Page 77 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 77
үллэстибит сабаҕалааһына оруннаах курдук. Ол гынан баран,
мин специалиспын, оттон специалиһы толору итэҕэтэр уустук.
Пуойас иннин диэки дьулуруйан айаннаан иһэр, мастар,
тэлэгэрээп остуолбалара биир кэм элэҥнэстэр. Мин түннүк
тымныы өстүөкүлэтигэр сүүспүн даҕайан туран, таһырдьаны
одуулаһабын, оттон кулгаахпыттан «философ» бүтэһик ыйытыы
этиитэ сүтэн биэрбэт: «Ким эмэ, хаһан эмэ Томмот Иванович
ньыматын иккистээн арыйарын биһиги кэтэһэр бырааптаахпыт
дуо?»...
Тылбытын байытабыт
Физиолог — киһи, сүөһү уорганнарын, үүнээйи тус-туһунан чаас-
тарын үөрэтэр учуонай.
Дилетант — наука уонна ускуустуба хайа эмэ салаатыгар анал
бэлэмэ суох, үрдүттэн саба быраҕан үлэлиир, көтүмэх киһи.
Бернард — сүрэҕи көһөрөн олордууга бастакы эпэрээссийэни
оҥорбут учуонай-быраас.
Вероятность теорията — А. Эйнштейн атомнар свойстволарын
туһунан аан дойдуга биллибит үөрэҕэ.
Эйнштейн Альберт — XX үйэ улуу учуонайдарыттан биирдэстэрэ,
кини саамай улахан арыйыыларынан «вероятность теорията» уонна
«күүс квантовай айылҕатын туһунан теориялара» буолаллар. Эйн-
штейн эмиэ аһара сэмэй киһи этэ.
Галилей — Италияҕа олорбут физик, механик, астроном, фило-
соф уонна математик. Кини аан бастакынан халлаан эттиктэрин те-
лескобунан кэтээн көрөн, астрономия салаатыгар үгүс саҥаны кил-
лэрбит.
Манси — угро-финскай тыл бөлөҕөр киирсэр омук аата. Кинилэр
Арассыыйа састаабыгар киирэллэр, аҕыйах ахсааннаахтар.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Пётр Николаевич «Сэмэй дьону абааһы көрөбүн ... мин ин-
ньэ диир бырааптаахпын!» диэн этиитин ис номоҕун бы-
һаарыҥ. Бу этиини кытта сөбүлэһэҕит дуо?
2. Кэпсээн ханнык кэрчигин доҕотторгутун кытта ырытыаххыт
этэй? Тоҕо?
3. Айымньы сюжета сайдарыгар ханнык түгэннэр тирэх буол-
буттарый? Тиэкистэн күлүүс тыллары, тыл ситимнэрин,
этиилэри туһанаҥҥыт эппиэттээҥ.
77