Page 87 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 87

ныттан диэҕи, олоҕор эрэйи көрбөтөх, наар күндүгэ-мааныга,
ыҥырыкка, махталга сылдьыбыт киһи. £лөрүн билэн баран,
улаханнык үөрбүт киһини кинини көрбүтүм, — Чагда сирэйэ-
хараҕа санньыйбыт көрүҥнэннэ.

    — Мин, быһа холуйан, балтараа сүүспүн туолуохпар диэри
өлөрбүттэн олус куттанар этим, өссө да олоруохпун баҕара-
рым, — Чагда сирэйэ дириҥ толкуйга түспүт көрүҥнэннэ.

    — Онтон уонча сылтан бэттэх өлөрбүттэн улам куттаммат
буолан иһэбин. Кэнникинэн өлүү туһунан өссө туох эрэ үчү-
гэй сынньалаҥ, сылаанньыйыы, дуоһуйуу дуу курдук саныыр
буоллум. Мин билигин Киил оҕонньор тоҕо өлүөн баҕарарын
оччо муодарҕаабаппын. Бу маннык бэйэлээх үчүгэй үйэҕэ туох
киһитэ өлүөн баҕарыай, айыы даҕаны, — оҕонньор, этиэ суох-
таахпын этэн кэбистим диэбиттии, өрүсүһэн, онтун көннөрүнэр
курдук салгыы саҥарда.

    — Баҕайы, кырдьан, түөһэйэн, ону-маны тыллаһарбын,
үөрэхтээх киһи — эн, өйдүөҥ буоллаҕа...

    «Суох, ити түөһэйии буолбатах, төттөрүтүн, оҕонньор дириҥ
ис хоһоонноох, сыаналаах этиини эттэ, — дии санаата Ньургун
Николаевич. — Кырдьык даҕаны, олоҕун толору олорбут киһи,
биологическай сааһын туолбут киһи, өлүөн баҕарара айылҕа
биир сокуона буолуохтаах».

    Чагда оҕонньор Чороонопко Долбор уһун үйэлээхтэрин тө-
рүттэрин-уустарын тустарынан сэһэргээтэ. Сорох дьоннор саас-
тарын чуолкайдыырга көмөлөстө.

    — Бириэмэ ырааппыт, онон хойут кэлэн өссө сэһэргэһиэх-
пит, — диэн үлэсиһэн баран, Ньургун Николаевич ыалыгар
Данил Максимовичтаахха барда.

    Ньургун Николаевич Долбор кырдьаҕастарын кытта хас кө-
рүстэҕин аайы кинилэр үтүө санаалара, амарах майгылара,
көнөлөрө, кэрэҕэ-сырдыкка тардыһыылара улам дириҥник
арыллан истэ. Долбор олохтоохторо Ньургун Николаевич оло-
ҕор, кини үөрэтэр наукатыгар саҥа сүүрээни киллэрэллэрэ
саарбаҕа суох. Кини бу Долборго сырыыта күүппүтүнээҕэр
быдан ордук түмүктээх буолан таҕыста. Ким да Михайлов ыс-
татыйатын эрэммэтэҕэ, итэҕэйбэтэҕэ. Аан дойдуга маннык
феномен ханна да суох. Ньургун Николаевич ону миэстэтигэр
кэлэн илэ хараҕынан көрдө, 186 саастаах кырдьаҕаһы кыт-
та атах тэпсэн олорон кэпсэттэ. Геронтологка итинтэн ордук
табыллыы, соргу баар буолуон сөп дуо? Чорооноп бэрт элбэх
кырдьаҕаһы кытта көрсөн сэһэргэстэ, доруобуйаларын туру-
гун бэрэбиэркэлээтэ. Ол түмүгэр, кини туох да ураты баа-

                                                                                                                                      87
   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92