Page 89 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 89
— Уонна, хайа, Долбор оҕонньор сиэннэрэ буоллахпыт дии.
Ол биһиги төрүппүт Долбор оҕонньор туһунан тугу эмит исти-
битиҥ дуо? — диэтэ.
— Суох, букатын тугу да истэ иликпин, — Ньургун Николае-
вич улаханнык сэргии түстэ, олоппоһун оҕонньор диэки сыҕа-
рыс гыннарда. Кини былыргы үһүйээннэри, номохтору умсу-
гуйан, барыны умнан туран истээччи, оттон Чагда оҕонньор
уһун үйэлэниини кытта сибээстээх туох эрэ номоҕу кэпсээри
гыммыта өссө ордук сонун буолла.
— Баһаалыста, олохтоон-сиэрдээн сэһэргээбэккин ээ.
Оҕонньор, дуоспуруннанан олорон, удьурҕай хамсатыгар та-
бах уурунан уматынна, атаҕын хатыйа туттан, үчүгэйдик оннун
булунан баран, оргууй сэһэргээн барда.
— Былыр бу дойдуга биһиги өбүгэлэрбит, сүрдээх хоһуун,
булчут уонна буойун дьоннор, олорбуттар. Кинилэр Долбор
диэн аҕа баһылыктаахтара үһү. Ол, этэргэ дылы, иннигэр сүү-
рэр атахтаах быһа түспэтэх, үрдүнэн көтөр кынаттаах быһа
ааспатах улуу кырдьаҕаһа эбит. Ол саҕана бултуур-алтыыр сир
уонна аат-суол былдьаһан, ыаллыы олорор биис уустара өтөр
буола-буола сэриилэһэр идэлээхтэр эбит. Долбор дьоно онно
кыайтарар-хотторор диэни билбэттэрэ үһү. Онтон биирдэ,
Долбор кырдьан олордоҕуна, өстөөхтөрө саба түһэллэр. Оҕон-
ньордоро, төһө да кырыйдар, буойуннарын кытта тэҥҥэ сыл-
дьан кыргыһар. Ол кыргыһыыга биһиэннэрэ киэһэнэн кыайыах
курдук буолан эрдэхтэринэ, Долбор ыараханнык бааһырар.
— Чугуйуохха, — диир Долбор. — Миигин ураһабар илдьиҥ!
£стөөхтөр эккирэппэхтээн баран, тохтууллар: «Долбор
өлөрдүү бааһырда, онон кыайыы биһигиттэн куотуо суоҕа», —
диэтэхтэрэ буолуо, ураһа түһэринэн, хонордуу оҥостоллор.
Ый-хай, ырыа-тойук, үҥкүү-битии бөҕө түһэрэллэр.
Долбор ураһатыгар эһэ тириитэ олбохтоох оронугар сытыар-
тарар.
— Буойуннуу өлөр аналлаах эбиппин, — диир Долбор, киэн
туттубут хоодуот куолаһынан. Умайа турар уот төлөнө кини
хотойдуу харахтарыгар түһэн чаҕылыҥнаабыт.
— Оо, өлүмэ, улуу баһылыкпыт, биһигини сир-халлаан ык-
кардыгар хаалларыма! — диэн хаһыытаспыттар мустан турар
дьон, илиилэрин үөһэ ууммутунан Долбор сытар оронун инни-
гэр тобуктуу түһэн баран.
— £лөр кэллэ. Ким барыта өлүөхтээх, ол иэс, — диэбит
Долбор ыараханнык тыына-тыына. — Мин дьоһуннаах олоҕу
олордум...
89