Page 95 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 95

баһылыга буолалларын быһыытынан, үгэстэрин тутуһалла-
рыгар чэпчэки. Эр дьоннор уонна дьахталлар үйэлэрин араас-
таһыылара итиннэ сытар буолуон сөп.

    Чинчийииҥ түмүгүн олус кэтэһэбин.

                                                 Эн Ньургун Николаевиһыҥ. Дьокуускай

    Ньургун Николаевич!
    Гипотезаҥ кырдьык буолан таҕыста: Долбортон атын сир-
гэ олохсуйбут эр дьоннор хоту бастанар үгэстэрин кубулуппа-
тахтар, оттон дьахталлар үүт-үкчү, эппитиҥ курдук, хайдах
түбэһэринэн бастаналлар эбит. Онон хоту диэки бастанан
утуйар киһи доруобуйатыгар уонна уһун үйэлэниитигэр туох
эрэ оруоллаах буоларын курдук тахсар. Эҕэрдэлиибин!

                                                                          Коля. Долбор бөһүөлэгэ

    Коля!
    Эҕэрдэҥ иһин баһыыба! Ол гынан баран, биир түбэлтэни ги-
потеза сөпкө быһаарыыта өссө да кини чахчы табыллыбытын
дакаастаабат. Ол гынан баран ити гипотеза, онуоха-маныаха
диэри научнай төрүтэ да суоҕун иһин, интэриэһинэй дии саныы-
бын. Коля! £скөтүн эн Саҥа Долбортон кэлэр ыарыһахтаргар
хоту бастанан утуйуҥ диэн, быраас быһыытынан, рекоменда-
ция биэрдэххинэ, хайдах буолуой? Ол кэнниттэн хоту, арҕаа
эбэтэр илин бастанан утуйар, биир ыарыыга тэҥ ыараханнык
ыалдьыбыт, урут доруобай, саастыы дьону ыарыыларын кэтээн
көрдөххүнэ? Хата, практикаҥ сотору бүтэн эрдэҕэ.

                  Эҕэрдэни кытта эн Ньургун Николаевиһыҥ. Дьокуускай

    Ньургун Николаевич!
    Мин рекомендациябын ыарыһахтарым ороһуйа истэллэр. Бы-
лыргы хараҥа үгэстэри үтүктүү, бити, билгэни итэҕэйии кур-
дук көрөллөр. Биир ыарыһах өссө: «Эдэр, үөрэхтээх быраас киһи
буолан бараҥҥын, түҥ кырдьаҕас Чагда оҕонньор такайыытын
истэҥҥин, куһаҕаннык быһыыланаары гынаҕын. Сүбэлиибин,
дьон куһаҕаннык саныа, онон аны итинник тыллаһыма», —
диэн мөҥө былаастаан «үөрэтэн» турар. Манна эдэр дьон орто-
тугар долбордор үгэстэрин утарыы хайдах эрэ муода курдук
буолбут диэххэ дуу, туох дуу? Атын сиргэ ити рекомендацияны
биэрэр чэпчэки буолуох эбит дии санаатым. Бэйэм даҕаны сүбэм
научнай төрүтэ суох буолан, ону сэргэ бэйэбэр улахан эрэлим
суох буолан, оччо ылыннарыылаахтык эппэппин-тыыммаппын

                                                                                                                                      95
   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99   100