Page 100 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 100

лаһынан, иһийэн олорор дьону эргиччи көрөн баран. — Эргэ
Долбор олохтоохторо хааннарын баттааһына биллэ намыһаҕа,
хааннарыгар үрүҥ эттиктэрэ элбэхтэрэ, сүрэхтэрин тэбиитэ,
тыыналлара бытаана, итини сэргэ уҥуохтарынан лаппа кыра-
лара бэлиэтэннэ.

    Иккиһинэн, Долбор бөһүөлэгин арҕаа уһугар Долбор том-
торун кыйа тутуллубут Саҥа Долбор олохтоохторо, син атын
сирдэргэ курдук, балайда чаастатык, ол иһигэр ньиэрбэ, сүрэх
ыарыыларыгар, рагынан кытта ыалдьаллара көһүннэ. Оттон
Эргэ Долбор олохтоохторо ити ыарыылары билиҥҥэ диэри
билбэттэр. Ол эрэн кэккэ инфекционнай ыарыыларга кинилэр
да ыалдьаллар буолан баран, ыарыыны балачча чэпчэкитик
аһараллар. Ити араастаһыы, мин санаабар, ас састаабынан,
хаачыстыбатынан, олох укулаатынан быһаарыллыан сатаммат
курдук. Эргэ да, Саҥа да Долбор олохтоохторо биир күөл
уутун иһэн, бииргэ аһаан-таҥнан, бииргэ үлэлээн, бииргэ ту-
ран-олорон сылдьаллар.

    ¥сүһүнэн, Долборго көһөн кэлбит дьон (биһиги Эргэ Долбор
олохтоохторун үөрэппиппит) — кийииттэр уонна күтүөттэр —
син олохтоохтор курдук, доруобай буолаллара уонна балачча
уһун үйэлэнэллэрэ билиннэ. Итиннэ, чуолаан эдэр саастары-
гар Долборго кэлэн олохсуйбуттар, уһун үйэлэнэллэр эбит.

    Төрдүһүнэн, Долбортон атын сиргэ баран олохсуйбуттартан
уһун үйэлэммит киһи аҕыйах. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн баар —
ити уһун үйэлэммит дьон ортотугар эр дьоннор ахсаан өттүнэн
баһыйаллар, оттон уһун үйэлээх дьахтар суоҕун кэриэтэ.

    Бүтэһигэр, мин этиэх тустаахпын — уһун үйэлэнии уонна до-
руобай буолуу, биһиги матырыйаалларбыт көрдөрөллөрүнэн,
хоту диэки бастанан утуйууну кытары биллэр сибээстээхтэр
эбит диэн. Биһиги хомуйбут матырыйаалларбыт уонна онно
олоҕуран оҥоһуллубут түмүктэр итинниктэр. Болҕойон исти-
биккитигэр махтанабын, — диэн Николай Байанаайап дакы-
лаатын түмүктээтэ. Дьон туттуна соҕус ытыстарын таһыннылар.

    — Биһиги бүгүн олус интэриэһинэй дакылааты иһиттибит, —
диэн маҥан баттахтаах, уҥуох-тирии буолбут оҕонньор киһи —
Афанасий Семёнович Сээркээнэп, институт младшай научнай
сотруднига, кэпсэтиини саҕалаата. — Эдэр ыччат устудьуон-
нуур сылларыгар науканан дьарыктанара олус кэрэхсэбиллээх.
¥лэ оҥоһуллубут мэтиэдьикэтэ, матырыйаалы хомуйуу хайыс-
хала, тиһэҕэр, дакылаат тутула даҕаны бэртэр. Хоту баста-
нан утуйуу туһунан сабаҕалааһын эмиэ киһини кэрэхсэтэр. Ол
гынан баран, ити гипотеза туһунан биһиги урут Ньургун Нико-

 100
   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105