Page 102 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 102

устатыгар Долборго миигиттэн ураты лабораторияттан биир
да киһи бара сылдьыбата, ити тоҕо эрэ миигин дьиксиннэрэр.
Долборго лаборатория базатын тэрийиэххэ, хас биирдии уһун
үйэлээх киһини учуокка ылан миэстэтигэр кэтээн көрүөххэ,
чинчийиэххэ, итини сэргэ хоту бастанан сытыыны — модель-
най уопуттары оҥорон бэрэбиэркэлиэххэ диэн этэрбин лабо-
ратория да, институт да салалтата соччо сэҥээрэн көрө илик.
Долбор — айылҕа бэйэтэ оҥорбут уопута, олус сэдэх түбэлтэ,
бу биһиги — чинчийээччилэр дьолбут, улахан табыллыыбыт
диэххэ сөп. Бириэмэ баран иһэр. Долбор олохтоохторо, онто
да суох олус кырдьаҕас дьон, күн-түүн кырдьан, өлөн да иһэл-
лэр, сотору кэминэн үөрэтэр хойутуон сөп. Онон бэрт кылгас
кэм иһигэр быһаарыылаах миэрэни ыллахха эрэ сатанар.

    Мустан олорор дьон суугунаһан, ботур-ботур сибигинэһэн
кэпсэтэн киирэн бардылар. Онтон эмискэ бары ах бардылар.
Ньургун Николаевич өйдөөн көрбүтэ — ыаллыы лаборатория
сэбиэдиссэйэ, институкка бары убаастыыр киһилэрэ — Реев
икки аҥыы хайа тарааммыт кыырыктыйан эрэр өһөс баттаҕын
өрүтэ анньына турар эбит.

    — Биллэрин курдук, саҥа идиэйэни толкуйдаан таһаарар
дьоннор олус сэдэх буолаллар. Мин Ньургун Николаевич үлэ-
лэриттэн сылыктаатахпына уонна бэйэтин кытта кэпсэтэн да
көрдөхпүнэ, кини уустук научнай боппуруостары букатын са-
ҥатык, сонуннук, киһи үөйбэтэх-ахтыбатах өттүнэн киирэн бы-
һаарар дьоҕурдаах. Иккиһинэн, Ньургун Николаевич олус эдэр:
29 саастаах, идэтин таптыыр, айарга айылҕаттан бэриктээх
наука кандидата киһи, элбэҕи оҥоруон сөп. Математикаҕа,
физикаҕа — точнай наукаларга эрэ эдэр киһи кэскиллээх диэн
өйдөбүл алҕас. Бу Долбор да боппуруоһугар Ньургун Нико-
лаевич сабаҕалааһыннара олус кэрэхсэбиллээхтэр, научнай
төрүттээхтэр дии саныыбын. Биһиги да усулуобуйабытыгар
экспериментальнай ньыманы туттан үлэлиир тоҕо сатамма-
тый? Интэриэһинэй боппуруостар тоҕо киин эрэ институттар-
га үөрэтиллиэхтээхтэрий? «Миэстэ киһини киэргэппэт, киһи
миэстэни киэргэтэр» диэн өс хоһооно манна тоҕоостоох дии
саныыбын. Саҥа тиэмэни үөрэтиигэ бэлэм база ханна да суох,
ону оҥоруохха, тэрийиэххэ наада. Итини Чорооноп толору
кыайар кыахтаах. Иккис өттүнэн — специалистары түмүөххэ,
интэриэһиргэтиэххэ наада, оччоҕо иккис да тиэмэни лабора-
тория ылынара тоҕо кыаллыа суоҕай? Талааннаах киһини эдэр
эрдэҕинэ өйүөххэ, айарыгар усулуобуйа тэрийиэххэ наада.
Ханнык баҕарар лаборатория сайдар кэскилэ кини үлэһиттэрэ

 102
   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106   107