Page 107 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 107
Үнүрүүн Коля катокка сылдьан ыйыппыта:
— Практикаҕар тоҕо маҕаһыыҥҥа бараҕын?
— Телеграф аппаратыгар дуу, иистэнэр массыынаҕа дуу
хам хатанан олорордооҕор ордук ини.
— Ол эрэ иһин дуо?
— Уонна өссө туох нааданый?
— Онтон эн туох үлэһит буолар санаалааххыный?
— Билбэппин, — диэбитим мин.
Кырдьык, мин туох үлэһит буолабыный? Ханнык институк-
ка салгыы үөрэнэ барабыный? Биитэр үлэлии хаалабын дуу?
Чэ, бэйэ, билигин да күн-дьыл элбэх. Көстөн иһээ ини. «Ту-
гу, хайдах үлэлээбиккитин бэлиэтэнэн иһиҥ», — диэтилэр бү-
гүн оскуолаҕа. Кэлин онон отчуоттуохпут үһү. Ол иһин мин бу
дневник сурунарга сананным. Практикам бүттэҕинэ, отчуотум
оннугар маны туттаран кэбиһиэм.
Уой, түүн ырааппыт. Утуйа охсуохха. Сарсын сарсыарда ос-
куолаҕа барбаппын. Маҕаһыыҥҥа барабын. Атыылаһа буолба-
тах — атыылыы. Дьиибэ буолбат дуо? Чэ, түксү...
Муус устар 2 күнэ, бээтинсэ.
Сарсыарда тоҕус чаас ааһыыта завуч Олимпиада Филип-
повна биһигини, алта үөрэнээччини, улахан гастрономҥа илтэ.
Кылаабынай директор ханна эрэ үрдүкү тэрилтэҕэ, ыҥырыыга
барбыт. Практиканнарынан директоры солбуйааччы дьарык-
танар диэн буолла. Биһиги киниэхэ киирдибит. Кини биһиги
кэлиэхтээхпитин билэр эбит.
— А-аа! Эдэр симиэнэ! Баһаалыста, баһаалыста! — диэн
кини эҕэрдэлии тоһуйда. — Билсиһэн кэбиһиэҕиҥ. Мин — Иван
Ивановичпын...
Бары, ааппытын этэ-этэ, илии тутустубут.
— Таня!.. — диэн баран, Павлова тылын былтах гыннарбы-
тын бэйэтэ да билбэккэ хаалла быһыылаах. Дьэ ити идэтэ!
Ити былтаҥнас сытыы тылын иһин үгүстэ мөҕүллүбүт бэйэтэ.
Солбуйааччы, хата, онуоха кыһаллыбата, мичээрдии-мичээр-
дии сөмүйэтин чочоҥнотон эрэ кэбистэ.
— Нина Леонидовна! — диэтэ Нина илиитин биэрэригэр.
— Оо-о! — диэн, онуоха солбуйааччы Нина хороҕор бүрү-
чүөскэтин өрө көрөн таһаарда.
Мин күлэн тоҕо бара сыстым.
Иван Иванович остуолугар төттөрү мөкүнүйдэ. Билсиһиибит
итинэн бүттэ. Үлэҕэ анаталааһын саҕаланна. Мин Нагорнай
маҕаһыыныгар барбытым.
Нагорнай маҕаһыына, таһыттан көрдөххө, биир ыал олоруон
107