Page 106 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 106

түн, сытыы боппуруостарын уустаан-ураннаан көрдөрбүтэ.
Софрон Петрович ырааҕы өтө көрөр, киэҥ толкуйдаах, норуо-
тун туһугар ханнык да күчүмэҕэйдэртэн иҥнибэт киһи этэ.
Софрон Данилов кыра да кэрэни сыыска-буорга түһэрбэт,
кыырпах да саҕа мөкүттэн хараастар уйан дууһалаах суруйаач-
чы буолара айымньыларыгар көстөр.

Ааҕыы, ырытыы

                  Дьону үөрдэ сырыттарбын

                            (Сэһэн кылгатыллыбыта)

         Х кылаас үөрэнээччитэ Наташа Уйгурова дневнигэ

    Муус ycтap 1 күнэ, чэппиэр.
    Бугүн сааскы сынньалаҥ кэнниттэн аан бастакы үөрэх күнэ.
Биир нэдиэлэлээх сынньалаҥ биллибэккэ да ааста! Саҥар-
дыы өйбүн-төйбүн булунан, онно-манна сылдьыахча буолан
истэхпинэ, бүтэ охсон хаалла. Кыргыттар бары да инньэ дэ-
һэллэр. Ол да эрээри бу сарсыарда, быдан үйэтээҕиттэн көр-
сүспэтэх кэриэтэ ахтыһан, «уой-аай» бөҕөнү түһэрэн көрсүс-
түбүт. Кыргыттар aҕыйаx хонук иккэрдигэр уларыйа охсубукка
дылылар, Нинка Строева хааһын сип-синньигэс гына үргээн
кэбиспит (бука, үргүүр ыарыыта бэрт буолуо ээ!) Урут көхсү-
гэр намылыччы түһэрэр уһун cyhyoҕун төбөтүгэр өрө эрийэн
таһаарбыт. Мин бастаан көрө түһээт, мэктиэтигэр, билбэтим
ээ! Нинаттан, бэл, историкпыт Вячеслав Иванович дьулайда.
Kыыһы көрөн баран, кини, элбэх саҥалаах, суус тыллаах бэ-
йэтэ, тылыттан матан, саҥата суох турбахтаата, онтон «даа...»
диэн ботугураат, кэтэҕин тарбана-тарбана, киэр хаамта. Чэ,
ити хааллын.
    Саамай кылаабынай сонун: сарсыҥҥыттан биһиги, онус
кылаас оҕолоро, производственнай практикаҕа бapap үһүбүт.
Сүүрбэ хонукка. Уолаттар ремонтнай-механическай заводка,
автогаражтарга бараллар, кыргыттар сорохторо иис комби-
натыгар, телеграфка ананнылар. Биһиги, алта кыыс, улахан
гастрономическай маҕаһыыҥҥа барар буоллубут. Дьиҥинэн,
бэһиэ барыахтаах этибит. Ону Нина эбии тылланна.
    Коля, физик буолар санаалаах да, онуоха хабааннаах прак-
тика суох, инньэ гынан совнархоз автогараһыгар барда.

 106
   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111