Page 111 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 111
саахары кутан ыйааһыҥҥа бырахта уонна стрелка саҥардыы
көрдөрөн эйэҥнээн эрдэҕинэ сулбу тардан ылла:
— Бүттэҕэ ити дии...
Мин, кинини үтүктэн, ол суулаах саахары эмиэ ыйааһыҥҥа
бырахтым. Стрелка эйэҥэлии түстэ, ыйааһын нөҥүө кытыы-
тыгар охсулунна.
— Ыл. Ыла оҕус!
Мин, ылбакка, стрелканы одууластым. Онтукам, эйэҥнээн-
эйэҥнээн баран, килограмм көрдөрөр бэлиэҕэ тиийбэккэ эрэ
тохтоото.
— Итэҕэс дии. Көр эрэ, отут грамм итэҕэс.
— Отут грамм итэҕэһэ диэн улахан буолбатах, — Анна Ан-
дреевна сапсыйан кэбистэ. — Ол оннугар үлэҥ түргэтиир.
Эбиэт кэнниттэн да ыйыырым син биир түргэтээбэтэ.
Стрелка тохтуу илигинэ сулбу тардан ылыахпын хайдах да са-
наам буолбат. Хайдах дьоҥҥо итэҕэс ыйаан биэриэхпиний?
Ол кэриэтин үлэ бытаардын.
Маҕаһыын сабыллыыта олус сылайдым. Хайдах бу курдук
күн ахсын үлэлиэххэ сөп эбитэ буолла? Маҕаһыыны хатаан
баран, өссө биир чаас хаалан үлэлээтибит: харчы ааҕыстым.
Харчыбытын автомашиналаах инкассатор кэлэн тутта. Мин дьиэ-
лиирбэр Анна Андреевна эмиэ хара күүһүнэн суумкабар боро-
дуукта укта. Мин аккаастана сатаан кэбистим да, букатын ис-
тиэн баҕарбат.
— Ити хамнаһыҥ кэриэтэ. Босхо үлэлиэҥ дуо? — диир.
Анна Андреевнам барахсан миэхэ сүрдээх үчүгэй, миигин
була сатыы-сатыы хайгыыр. Арыт ол хайҕааһыннартан кыбыс-
тыах санаам кэлэр. Киһиэхэ наар үчүгэйи, дьиҥэр суох даҕаны
үчүгэйи көрө үөрэммит бэйэтэ эбитэ дуу?
Таһырдьа тахсыбытым, миигин Коля көһүтэн турар эбит.
Киэһэ киинэҕэ сырыттыбыт. «Гамлетка». Олус сөбүлээтибит.
Муус устар 5 күнэ, бэнидиэнньик.
Бүгүн мин өрөбүлүм. Эмиэ ылааҥы, ичигэс күн буолла. Би-
һиги, кыргыттар, бэһиэ буолан хайыһардаатыбыт. Күнүс дьиэ-
бэр төннөн, хойукка диэри таҥас сууйдум. Ийэм үлэтиттэн
кэлэн, көрөн, үөрдэ, хайҕаата.
Оо, ийэм эрэйдээх, ийэм эрэйдээх. Ити курдук эйигин мэл-
дьитин үөрдэ сырыттарбын. Саамай тапталлаах, саамай истиҥ
киһим эн бааргын. Аҕам үс саастаахпар өлбүтэ үһү. Мин ки-
нини өйдөөбөппүн. Аҕам туһунан ийэм элбэҕи да элбэҕи, үчү-
гэйи да үчүгэйи кэпсиир. Оттон чугас ыалларбыт дьахталлар:
«Ийэҥ эрэйдээх үс сылы быһа инбэлиит киһини ыарыылаан
111