Page 115 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 115

Бу иһэммин мин урут маҕаһыыҥҥа уочаракка турар дьах-
таллар «аһы-үөлү кэтэх аанынан xоро таһар атыылааччылар
уонна кинилэр билсиилээхтэрин» тустарынан араас уордаах
тыллары этэллэрин өйдүү туспүтүм. Ол «кэтэх аанынан хоро та-
һааччылары» мин эмиэ ис сүрэхпиттэн абааһы көрөрүм, кинилэр-
гэ ханнык да харысхал суох буолуохтаах дии саныырым. Онтон
билигин бэйэм «хоро таһааччыттан» туох атыннаахпыный?

    Туох-ханнык иннинэ бу бородуукталаах суумкабыттан бос-
холоно охсуохпун баҕардым. Хайдах? Коляны кытта сүбэлэспит
киһи. Коля кэлэйэн барда быһыылаах. Эс, ити эрээри ама
тугун-ханныгын быһааран билбэккэ эрэ, кэлэйэ оҕустаҕай? Ол
аата миигин букатын эрэммэтигэр тахсар. Оччоҕуна сылдьыа
ээ...

    Сарсын итинтикэбин Анна Андреевнаҕа туох диэммин төнүн-
нэриэхпиний? Ылбаппын диэн быһа бааччы аккаастаатахпы-
на — өһүргэниэ ээ. Баҕар, бэйэтэ харчытын төлөөн, ис сүрэҕит-
тэн күндүлээн биэрбитэ буолуо. Махтанан. Мин да кини үлэтин
улаханнык чэпчэттэҕим дии. Оччоҕо мин кинини өһүргэтэрим
хайдах сатаныай?

    Оо, дьэ, эмиэ кыһалҕа дии...
    Муус устар 11 күнэ, баскыһыанньа.
    Бүгүн Анна Андреевна бэйэтэ атыылаата. Мин киниэхэ кө-
мөлөстүм. Өрөбүл буолан, атыылаһааччы элбэҕэ сүрдээх.
    Күнүс улахан маҕаһыынтан кырдьа барбыт эт эттээччи киһи
кэлэн, саҥа тиэйэн аҕалбыт эттэрин эттээтэ. Киэһэлик дьиэ-
лээри туран, ол киһи биир куһуок эти миэхэ уунна уонна эттэ:
    — Тукаам, маны сэбиэдиссэйгэр киирэн ыйыт. Төһө харчы-
ны төлүүрбүн эттин.
    Анна Андреевна эти ыйаан баран:
    — Алта сүүс биэс уон харчы, — диэтэ.
    Мин оҕонньорго этин таһааран биэрдим, сыанатын эттим.
Онуоха кини соһуйда:
    — Хайдах ол алта солкуобайтан ордор? Бу киилэтэ сүүс
сэттэ уоннуу харчылаах иккис суорт эт ээ. Улахан маҕаһыыҥҥа
кэлбит эт ханыыта. Бэҕэһээ бары маҕаһыыннарга иккис суорт
эттэрэ тиэллибит этэ. Көрдөххө да оннук. Манна буоллаҕына
үс эрэ киилэ. Ортоҕуна да аҕыйах грамм ордор ини. Ыйааһыны
баҕас эндэппэппин. Бачча сыл тухары ыйаатым ини, ыйааба-
тым ини. Бар, тукаам, сэбиэдиссэйгэр эт, үчүгэйдик ыйаатын.
    Анна Андреевна, эти сулбу тардан ылаат, тахсан барда уон-
на сотору төттөрү киирдэ.
    — Бардаҕына, ааҥҥын хатаа.

                                                                                                                                     115
   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120