Page 120 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 120

биир дьахтартан харчыны ордук ылбыт этэ. Ол алҕас тута көм-
мүтэ. Оннооҕор уопуттаах үлэһит алҕаһааччы, кини алҕаһыыра
диэн. Чэ, тупсуох, тоойуом.

    Мин соһуйан, дьиибэргээн, тугу да өйдөөбөкко булкуллан
турдум: хаһан мөхпүтүн этэрий? Мөҕүөхтээҕэр куопта бэлэхтии
сатаабыта дии? Уонна мин хаһан харчыны ордук ылбыппыный?
Ити тугу-тугу этэрий? Ити миигин этэр дуо?

    — Хастыы сыаналаах эти атыылыыгытый?
    — Үчүгэй эти биэрбэккит буолбат дуо? Наар сүүс сэттэ уон-
нуулааҕы эрэ биэрэҕит дии, — Анна Андреевна таас витрина
иһигэр сытар эттэри ыйда.— Саамай үчүгэйин талан уурбуппут
бу баар.
    Бэрэбиэркэлээччилэр витринаҕа төҥкөйдүлэр. «Кинилэр
билигин Анна Андреевна сымыйалыырын тутуохтара. Тылынан
сүүс сэттэ уоннуулаах диир да, витринаҕа эт киилэтэ икки сүүс
yoн харчы диэн суруллан турар ээ», — диэн санаатым. Уонна
Анна Андреевнам холкутун көрөн, дьиктиргээтим: витринаҕа эт
сыаната үрдэтиллэн суруллан турарын умнан кэбиспит бэйэтэ
дуо? Букатын кыһаллыбат.
    Местком дьахтара миигин атахпыттан өрө көрөн таһаарда.
Иван Иванович сөмүйэтин эймэҥнэтэн миигин ыҥырда.
    — Көр эрэ маны, — диэтэ, сөмүйэтин тыҥыраҕынан витрина
тааһын тоҥсуйа-тоҥсуйа. — Витринаҕа «2 солкуобай 10 харчы»
диэн суруллан турар диэбитиҥ. Бу тугуй? Аах.
    Мин көрдүм: бэҕэһээ киэһээҥҥэ диэри «2 с. 10 х.» диэн
суруллан турара. Ол оннугар билигин «1 с. 70 х.» диэн сурул-
лубут. Хайдах-хайдаҕый? Хаһан уларыйбытай ити?
    — Дьэ, хайыыбыт? — Иван Иванович дьонугар хайыста.
    — Хайыахпытый? Сигнал сымыйа эбит — онон бүтэр,— мест-
ком дьахтара, мин диэки хараҕын кырыытынан көрөн ылла.
    — Сө-өп. Бэрэбиэркэлээбиппит бэлиэлээх буоллаҕына са-
танар, — Иван Иванович сиэбиттэн тэтэрээтин, уруучукатын
хостоото. — Кыра акт сыыһа наада.
    — М-даа... — инспекция киһитэ ааҕын иккиһин аахта. —
Иван Иванович, бу «сымыйанан холуннарыынан ааҕарга» диэ-
ни сотуохха.
    — Факт! Факт — өһөс!.. Оччоҕо туох диибитий, доҕор?
    — «Дакаастамматаҕынан ааҕарга» диэххэ.
    — Чэ, буоллун даҕаны.
    — Уонна бу «практикантка Уйгурованы маҕаһыыҥҥа үлэлии-
рин ууратарга» диэни эмиэ сотуохха. Ууратарга төрүөт суох
дии саныыбын.

 120
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125