Page 123 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 123
диэри үлэлээтибит. Эбиэт саҕана дьахтарым, миигин таһыттан
хатаан кэбиһэн баран, ханна эрэ бара сырытта. Сотору кэллэ.
Онтон киэһэлик, үлэ бүтүө икки чаас иннинэ, мин кэтэх хоско
буочукаттан балык ыла турдахпына, киирэн ыйытта:
— Харчыны ким ылла?
— Ханнык харчыны?!
— Прилавок биир дьааһыгын умнан, эбиэккэ хатаабакка
барбыппын. Онно харчы хаалбыта. Ханна барда ол харчы?
— Бил... бэппин...
Анна Андреевна төлөпүөн үрдүтэр түстэ.
— Прилавок дьааһыгыттан харчыны уордулар, — диэтэ кини
туруупкаҕа. — Дьаһалла ыл... бэрт түргэнник!.. Кэлиҥ!..
— Эн ханна да хамсаама! Манна олор, — диэтэ Анна Ан-
дреевна миэхэ.
Мин утарылаһа барбатым, ыйбыт олоппоһугар олордум.
Дьахтарым кэлэн миигин утары олордо, сутуругунан сирэй-
бэр дугдуруҥнаата:
— Хайа, тыллабырдьыт оҕо, харчыны ким уорбутун тоҕо
тыллаабаккын?
Кини сирэйигэр-хараҕыгар сүтүктэммит киһи быһыыта тө-
рүт биллибэт, хата, улаханнык табыллыбыт киһи көрүҥнээх.
Мни ону көрөн, дьэ дьиксинэ санаатым.
Иван Иванович биир милиционеры кытта киирэн кэллилэр.
— Бу ОБХСС үлэһитэ. Младшай лейтенант Курбатов, — диэ-
тэ Иван Иванович Анна Андреевнаҕа. — Кэпсээ, туох-ханнык
буолла?
Анна Андреевна хайдах биир дьааһыгын умнан хатаабакка
барбытын, эбиэттэн кэлэн баран көрбүтэ харчыта суоҕун, си-
билигин аҕай ымаҥныы олорбута букатын сүтэн, ытамньыйа
сыһа-сыһа кэпсээтэ.
— Бэйэм буруйдаахпын, табаарыс лейтенант. Умнан ха-
таабатахпар, бэйэм буруйдаахпын... — диэтэ түмүгэр, хараҕын
сотто-сотто.
Мин онно кини кубулуйа охсубутун дьиибэргээн өрө көрөн
олордум быһыылааҕа.
— Эбиэккэ манна, маҕаһыыҥҥа, ким хаалбытай? — млад-
шай лейтенант ыйытта.
— Бу оҕо, — Анна Андреевна миигин ыйда.
— Кимий бу?
— Оскуолаттан практикаҕа сылдьар оҕо. Көнө, сэмэй оҕо...
— Гражданка, ким диэҥҥиний? — младшай лейтенант мии-
гин батары көрдө.
123