Page 127 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 127
бит. Онтукабыт, өрөбүл күн буолан, сирэйдээх директор суох,
Иван Иванович эрэ баар. Коля Иван Ивановичка этэри адьас
утарда. «Итэҕэйбэппин», — диир. Кырдьык даҕаны, киһи соч-
чо итэҕэйиэ суох киһитэ, Анна Андреевналыын олус үчүгэй-
диилэрэ бэрт. Маҕаһыынтан милициялаатыбыт. Дежурнай ми-
лиционер эрэ баар. Биһиги эппиппитин аахайбат. Оо, Анна
Андреевна, сатабыллаах муҥутаан, эмиэ мүччү туттардыҥ.
Ити курдук мэлдьи куота көтөн иһиэх бэйэтэ дуо?
Муус устар 19 күнэ, бэнидиэнньик.
Мин күнүс эргиэн инспекциятытар бара сырыттым. Били
кыырыктыйбыт баттахтаах киһини көрсөөрү. Хосторун кэрий-
дим да, оннук киһини булбатым. Кэлин дьүһүнүн дьүһүннээн
ыйыталастым. Бучугасов диэн эбит. Ханна эрэ барбыта, сото-
ру кэлиэҕэ диэтилэр. Күүттүм. Ол олорон арыт дьиксинэбин:
Бучугасов мин туспунан туох эрэ дии саныыр буолла? Сымы-
йаччы кыыс диэбэтэ буолуо дуо?
Бучугасов, миигин көрөөт, биллэ.
— Аа, Наташа! — диэн хаһааҥҥыттан эмэ билэр киһитин
курдук көрүстэ. Xohyгap илдьэн, остуолун аттыгар олорто. —
Дьэ, кэпсээ!
Мин үнүрүүҥҥү кэнниттэн туох буолбутун барытын кэпсээтим.
— Милицияҕа ким силиэстийэлээбитэй? — диэн ыйытта
харчыны «уоран» тутуллубуппун ахтыбыппар.
— Младшай лейтенант Курбатов.
— Бэҕэһээ, сыана үрдэтиллибитин көрөн баран, улахан ма-
ҕаһыын дирекциятыгар сылдьыбыккыт дуо? — диэтэ бэҕэһээҥ-
ҥи кэтэбил түмүгүн кэпсээбиппэр.
— Сылдьыбыппыт. Иван Иванович эрэ баара.
— Киниэхэ эппиккит дуо?
— Суох. Уолаттар кинини итэҕэйбэтэхтэрэ.
— Саамай сөп. Маладьыастар! Бүгүн эмиэ сылдьымаҥ. Анна
Андреевна сарсын арыытын хайаан да ситэри атыылыаҕа.
Ол баҕас чахчы! Эһиги сарсыарда тиийэн эмиэ бэрэбиэркэ-
лээҥ. Үрдүк сыананан атыылыыр буоллаҕына, быһа миэхэ су-
бу төлөпүөнүнэн биллэрээриҥ. Оччоҕо мин наадалаах дьон-
нору илдьэ начаас тиийиэҕим. Эһиги уолаттаргыт витринаны
кэтээн турдуннар. Этикетканы уһултарбатыннар, Чэ, Наташа,
баһыыба!
Бу көрсүһүүбүн оҕолорго кэпсээтим. Коля, мин туспар дол-
гуйан, бэл, көстө дьүдьэйдэ. Мин эмиэ итинник дьүдьэйбитим
эбитэ дуу? Үчүгэй, эрэллээх доҕордоох диэн улахан дьол бы-
һыылаах!
127