Page 129 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 129
— Уопсастыбаннас!.. Уой, накасаанньа, — Иван Иванович
былаатынан төбөтүн, моонньун ньухханна.
Түгэх хоско киирдибит.
— Анна Андреевна, аан бастаан, баһаалыста, ити атыылыыр
арыыҥ фактуратын көрдөр эрэ, — диэтэ Бучугасов.
Анна Андреевна паапкатын ылан кумааҕылары өрө-таҥнары
бэрий да бэрий буолла. Хаста эмэтэ хос-хос арыйда. Мин
көрдөхпүнэ, били арыылаах фактура хаста да элэс гынан ааста.
— Анна Андреевна, баҕар, биһиэхэ бухгалтерияҕа биэртиҥ
буолаарай? — Иван Иванович ыйытар дуу, өй биэрэр дуу бы-
һыынан эттэ.
— Ээ, арба даҕаны... кырдьык... бухгалтерияҕа...
— Аҕалыҥ эрэ. Баҕар, мин булаайабын, — Бучугасов паап-
каны ылла. — Арыыны хаһан ылбыккытый?
Бучугасов фактураны начаас булла:
— Бу сылдьар. Арыы киилэтэ үс солкуобай түөрт уон харчы
эбит. Дьэ маны, Анна Андреевна, тоҕо үрдэтэн атыылаабык-
кын быһаарыаҥ буолаарай?
— Алҕас... үс сүүс сэттэ уоннуулаах курдук санаабытым ээ.
Хайдах оннук эбитэй?.. — Анна Андреевна ботугураата.— Ал-
ҕас көрдөҕүм...
— Уой, накасаанньа... — Иван Иванович Анна Андреевна
кэнниттэн ньалбыҥнаата.
Олимпиада Филипповна аҕылаан-мэҥилээн киирэн, тыы-
нын ыла сатыы турда:
— һуу!.. Хата хойутаабатым!..
Мин, кинини көрөн, били Анна Андреевна «кэһиилэрин» өй-
дүү биэрдим. Таһырдьаттан көтөҕөн киллэрэн, олору остуол
үрдүгэр кутан кэбистим.
— Бу туохтарый? — Бучугасов ыйытта.
— Тохтоо, Наташа, бэйэм быһаарыам, — Олимпиада Фи-
липповна мин caҥараары гыммыппын тохтотто, дьону силэйэн
остуол аттыгар кэллэ. — Бу ити Анна Андреевна «кэһиилэрэ».
«Кэһиилэрэ» да буолуо дуо — бэриктэрэ. Итинтикэтинэн На-
ташаны атыылаһарга санаммыт.
Анна Андреевна итини барытын, киниэхэ букатын сыһыана
суоҕун курдук, аахайбатахтык, саҥата суох истэн олордо.
Бучугасов, аагы ылан уктаары көрөн баран, эргиллэ түстэ:
— Иван Иванович илии баттаабатах дии. Иван Иванович
ханнаный?
Иван Иванович суох эбит. Мин дьону кэриччи көрбүтүм, Коля
эмиэ суох. Ханна бардаҕай? Мин таһырдьа ыстанным. Чуга-
129