Page 126 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 126
диэн олорон, өссө хайҕанан үөрдүбүт даҕаны, соһуйдубуг да-
ҕаны. Кини бойобуойун сөҕөн кэбистибит.
Ити икки ардыгар киэһэ буолла. Ийэм хайыы-үйэҕэ истэн
аймана олорор эбит. Үөрээхтээтэ. Мөхпөтө. Сэмэлээбэтэ.
Арай, төбөбүн түөһүгэр ыга кууһан олорон, сыллыы-сыллыы:
— Аҕаҥ курдуккун. Кини эмиэ тугу да тумна хаамар диэни
билбэт этэ. Наар утары барара. Эрэйи көрөөхтүөҥ буоллаҕа,
— диэхтээтэ.
Киэһэ 10 чаас.
Бүгүн кылгас үлэ күнэ. Колялаах икки чааска бүтэллэр. Мин
кини кэлэрэ дуу диэн көһүтэн олордохпуна, арай дьиэбэр би-
һиги кылааспыт оҕолоро бүтүннүү кэриэтэ кутулла түстүлэр.
Оҕолор аан бастаан Коля биһиккини кэпсэттэрдилэр. Он-
тон ону дьүүллэһэн бардылар. Айдаарсан-айдаарсан баран,
бу курдук быһаардыбыт. Субу бүгүҥҥү күнтэн ыла Нагорнай
маҕаһыыныгар быыстала суох кэтэбили олохтуурга. Анна Ан-
дреевна иккис атыылааччы уоппускаттан кэлиэр диэри соҕо-
тох хаалар. Кини бу аҕыйах күнү хайаан да туһана сатыаҕа,
онон бу күннэргэ ордук кыраҕытык кэтэһэргэ, таһаҕас биэрэр
базаны кытта сибээһи тутуһарга диэн буолла.
Табаарыстарым кэлэн барбыттарыттан сүрдээҕин чэпчээ-
тим. Көр, хайалара даҕаны биһиги сыыһа балыллыбыппытын
кыратык да саарбаҕалаабат. Хайалара даҕаны биһиэхэ кыра
да иҥи-дьаҥы букатын сыһыарбат. Дьон эрэнэрэ, итэҕэ-
йэрэ диэн үчүгэй даҕаны. Доҕоттордоох, табаарыстардаах
диэн кэрэ даҕаны. Итинник үтүө доҕоттордоох киһи туохха
өлөн-охтон биэриэй. Кырдьык даҕаны: ким үгүс доҕордоох
— ол дьоллоох!
Уорууга балыллыбыт киһи эрээрибин, олус да холкубун.
Кырдьык диэн күүстээх да суол быһыылаах. Кырдьыгы туох
да кыайыан сатаммат! Мин ол иһин холкубун. Ийэм эмиэ ол
иһин холку. «Сымыйа кылгас үйэлээх, кырдьык эрэ уһун үйэ-
лээх», — дииллэр. Ол чахчы!
Муус устар 18 күнэ, баскыһыанньа.
Киэһэ 11 чаас.
Ол иһин кини тулуйуо суохтаах этэ!
Кыатана сатаатар да кыыбаҕата син биир батарбатах: били
дьааһыктаах арыыларын күн иккис аҥаарыгар 3 солкуобай 70
харчыга атыылаабыт. Уолаттар ылбыт фактураларын куоппуйа-
тыгар ол арыы сыаната 3 солкуобай 40 харчы диэн эмиэ су-
рулла сылдьар.
Бастаан улахан маҕаһыын дирекциятыгар сүүрэн тиийди-
126