Page 124 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 124
— Наташа... Уйгурова... — мин ити «гражданка» диэн тылтан
этим сааһа аһылларга дылы гынна.
— Эн харчы ханна барбытын билэҕин дуо?
— Суох.
— Дьааһык аһаҕас хаалбытын көрбүтүҥ дуо?
— Суох.
— Эбиэт кэмигэр манна эйигиттэн ураты ким сылдьыбытай?
— Суох...
— Эбиэккэ эн ханна эмэ бара сылдьыбытыҥ дуо? Таһырдьа
тахса сылдьыбытыҥ дуо?
— Суох... Анна Андреевна ааны таһыттан хатаан барааччы.
— «Суох!» Барыта «суох!»
— Табаарыс младшай лейтенант, аан хатааһыннаах эбит
буоллаҕына, харчы бу дьиэ иһиттэн тахсыбатах буолуохтаах...—
диэтэ Иван Иванович.
— Харчыны эн ылбытыҥ дуо? — Курбатов, миэхэ утары
хааман кэлэн, хааһын өссө ордук түрдэһиннэрэ-түрдэһиннэрэ
ыйытта. — Ылбыт буоллаххына, эрдэтинэ билинэн ууран кулу,
бэйэҕэр ордук буолуо.
Мин сүрэҕим ханна эрэ ыраах, түөһүм түгэҕэр түһэргэ дылы
гынна, онно оҕуурга иҥнибит туллук курдук мөҕүстэ.
— Суох... Суох! Мин ылбатаҕым!.. Мин хайдах ылыахпы-
ный?! — диэн эмиэ да сибигинэйиигэ, эмиэ да кыланыыга
маарынныыр саҥа түөһүм түгэҕиттэн, били сүрэҕим кирийбит
сириттэн, төлө көтөн тахсыбытын кулгааҕым эрэ истэн хаалла.
Хараҕым уута кыламаммар халыс гыммытын биллим.
Курбатов илиитин сонум сиэбигэр батары баттаата уонна
мин диэки хайыһа түстэ:
— Эн бэйэҥ харчылаах этиҥ дуо?
— Баара...
— Төһө?
— Түөрт yoн биэс харчы...
Курбатов сонум сиэбиттэн ытыһын муҥунан кумааҕы хар-
чыны бобо харбаан таһааран сирэйбэр үҥүлүттэ:
— Онтукаҥ бу дуо? Манна түөрт уон харчыттан ордукка
дылы ээ!..
— Наташа!.. Ити туох быһыытын быһыыланныҥ, тоойуом?..—
Анна Андреевна моойбор кэлэн иилистэ түстэ. — Балтым кэ-
риэтэ саныырым. О, сүрүн!..
— Ити мин харчым буолбатах! — диэтим мин.
— Билиммиккэр баһыыба, — Курбатов уоһун ханньатан мү-
чүйдэ. — Эйиэнэ буолбатаҕын бэйэм бэркэ билэбин,
124