Page 119 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 119

— Уу, сымыйалара! Таҥара баарына, сымыйалара. Мин сү-
бүгүн быһааран, дьаһал ылыам. Чэ, кыысчаан, барыах миэхэ.

    Иван Иванович быыкайкаан xohyгap киирдибит.
    — Чэ, олор, кэпсээ.
    Мин барытын кэпсээтим.
    — Көр эрэ маны! Государствоны албынныыр эбит. Советскай
эргиэн бэрээдэгин кэһэр эбит! — кэпсээн бүтээппин кытта,
Иван Иванович уордайан ойон турда. — Ону баара мин эрэнэ
сылдьабын. Дьэ биһиги киниэхэ тос мааскатын биэриэхпит.
Наташа, баһыыба, сэргэх быһыыҥ иһин. Салалта аатыттан ула-
хан баһыыба! — диэтэ уонна миэхэ илиитин уунна.
    Иван Иванович итини барытын сүрдээх баҕайытык туттан
туран эттэ. Мин, кинини Саха тыйаатырын биир сүрдээх мөл-
төх эрээри, мэлдьи сүрүн оруоллары оонньуур артыыһыгар
холуу көрөн, күлэ сыстым.
    — Чэ, билигин аан хоско тахсан көһүт. Ханна да барыма.
Атын кимиэхэ да кэпсээмэ. Мин ыҥырыаҕым.
    Өр-өтөр буолбата, кабинетыттан тахсан барда уонна сотору
икки киһини батыһыннаран кэллэ. Ол дьоҥҥо миигин ыйан
көрдөрдө:
    — Бу оҕо тыллаата. Практикантка, — миигин санныбыттан
таптайда. — Маладьыас! Эн этэриҥ кырдьык буоллаҕына, сэ-
гэртэйбитин быччаччы тутаахтыыр инибит. Сүүлүккэ ханнык да
харысхал суох буолуохтаах.
    — Эн манна кэлбиккин кини билэр дуо? — диэн ыйытта
кыырыктыйбыт баттахтаах аҕамсыйбыт киһи. — Мин — эргиэн
инспекциятын үлэһитэбин.
    — Оттон бу местком бэрэстэбиитэлэ, — диэтэ Иван Ива-
нович оҕоруот аһын отделыгар уруккуттан көрөр дьахтарбын
ыйан баран.
    — Билбэт... — диэтим мин.
    Биһиги массыынанан Нагорнай маҕаһыыныгар бардыбыт.
    — Баһаалыста, баһаалыста, — Анна Андреевна холку бэйэ-
лээхтик прилавогын аста, онтон, субу сабыс-саҥа көрбүт кур-
дук, илиитин даллаҥнаппытынан миэхэ утары хааман кэллэ.
    — Наташаа, тоойуом, бу тоҕо хойутаатыҥ? Бэҕэһээ киэһэ
миигиттэн мөҕүллэн, өһүргэнэн кэлимээри гыннаҕа диэбитим,
хата, кэлээхтээтиҥ дуу? Кэбис, кыыһырыма, тоойуом, үлэҕэ
оннооҕор буолуох кыҥ-хаҥ саҥа баар буолааччы.
    — Ол тоҕо мөҕүллүбүтэй? — Иван Иванович ыйытта.
    — Эй, дуона суох суол, — Анна Андреевна улахаҥҥа уур-
батах быһыынан сапсыйан кэбистэ. — Эт сыанатын алҕаһаан,

                                                                                                                                     119
   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124