Page 122 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 122
— Дьэ, бэйэ, кэмсинэриҥ буолуо, хотуой! Эппэтэҕэ диэ-
йэҕин. Бар, ааны ас!
Син миигин үүрэн кэбиспэтэ. Көннөрү үүрэн кэбистэхпинэ,
уорбалыахтара, ыйыталаһыахтара диэн куттанна быһыылаах.
Маннык кэмҥэ Анна Андреевна курдук сидьиҥ быһыылаах
дьон хайдах үөскүүр бэйэлэрэй? Оо, дьон бары, — бука бары
тоҕо чиэһинэй, ыраас санаалаах, көнө сүрэхтээх буолбатта-
рый? Оччоҕуна бу күн сиригэр олорорго дэлэ да чэпчэки, дэлэ
да кэрэ буолуо этэ дуо! Хаһан дьон бары үтүөнү эрэ өйдүүр,
үчүгэйи эрэ oҥopop буолуохтарай? Эрэнэбин: оннук кэм кэ-
лиэҕэ. Хайаан да кэлиэҕэ. Оннук кэм кэлэрин туһугар күүһү
харыстаммакка үлэлиэххэ, охсуһуохха наада.
Муус устар 15 күнэ, чэппиэр.
Оо, ийэм эрэйдээх!.. Ийэкээним сыыһа!.. Бырастыы гын
миигин: эн көрдөһүүгүн ылымматым. Мин туспар куттанан сү-
рэҕиҥ сыыһа толугуруу мөхсөн эрдэҕэ... Ийээ, миигин бы-
растыы гын: эн аатталгын аахсыбатым. Биһиги бары куһаҕан
дьону утары охсуспакка, тумна хаама сырыттахпытына, кини-
лэр өссө ордук өрө баран иһиэхтэрэ буолбат дуо? Мин ки-
нилэри көрө-көрө көрбөтөҕө буолуум, эн кинилэри көрө-көрө
көрбөтөҕө буол, Коля көрө-көрө көрбөтөҕө буоллун — оччоҕо
кинилэри ким уодьуганныай, ким кинилэр сирэйдэрин сара-
лыай? Биһиги бары, чаҕыйбакка, дьаадьыйбакка, үөс-батааска
биэрбэккэ, охсустахпытына эрэ кинилэр суох буолуохтара. Ки-
нилэр хайаан да суох буолуохтаахтар, биһиги бу үтүөкэннээх
ийэ сирбит кэрэ ньуурун, ыраас салгынын быртахтыа суох-
таахтар. Мин урут итинник хараҥа дууһалаах дьон баалла-
ра буолуо дии санаабат да этим. Бу аан маҥнай кинилэртэн
биирдэстэрин көрүстүм. Бу көрсүһэн баран, бэйэбин харыс-
танан куоттахпына, мин үйэ-саас тухары бэйэбиттэн бэйэм
кэлэйиэҕим. Мин практикам бүтүөр диэри, уоппускаҕа барбыт
дьахтар кэлэн солбуйуор диэри, уурайар быраабым суох. Ол
уоппускаҕа сылдьар дьахтар үчүгэй, чиэһинэй киһи буолуох-
таах — мин кинини көрбөтөҕүм да иһин, эрэнэ саныыбын. Анна
Андреевна кинини мээнэҕэ абааһы көрбөтө буолуо.
Куттаныма, ийээ, барыта этэҥҥэ буолуо.
Муус устар 17 күнэ, субуота.
Сарсыарда 10 чаас.
Таһырдьа сааскы күлүмүрдэс күн. Оттон мин санаам — ха-
раҥа түүн... Ийэм, ытыы-ытыы, үлэтигэр барда. Кэпсээтэххэ
— маннык.
Бэҕэһээ сарсыарда Анна Андреевна миигин ымаҥныы то-
һуйда. Тугу да саҥарбат, ымаҥныыр эрэ. Ол курдук эбиэккэ
122