Page 121 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 121
— Эдэр оҕону бастакы алҕаһыгар устар кырдьык олус сүрэ
бэрт, — местком дьахтара инспекция киһитин диэки буолла.
Мин, кыбыстан, сиргэ тимириэхпин сир кытаанах буолан
турдум. Кыатана сатаатым да, хараҕым уута сарт түстэ. Киһи
баҕарбатын үрдүнэн хараҕын уута тоҕо тахсара буолуой!
Анна Андреевна, баччааҥҥа диэри саҥата суох туран ба-
ран, өрө хабытайдана түстэ:
— Аккаастанабын! Биитэр — мин, биитэр — кини!..
Эргиэн инспекциятын үлэһитэ, аа-дьуо чугаһаан кэлэн, Анна
Андреевна сирэйин батары көрдө:
— Анна Андреевна, мин эйигин, арааһа, билэр эбиппин ээ.
Эн иллэрээ сыл Пригороднай хаһаайыстыба маҕаһыыныгар
үлэлээн сырыттыҥ этэ дуу?
Анна Андреевна, кыыһыран силбиэтэнэ туран, эмискэ сым-
ныы түстэ, хайдах эрэ кумуччу туттарга дылы гынна:
— Үлэлээбитим... Онно туох баарый?..
— Ээ, суох, көннөрү өйдөөн кэллим, — инспекция киһитэ
иҥиэттэн кэбистэ. — М-даа...
Бэрэбиэркэлии кэлбит дьон тахсааттарын кытта, Анна Ан-
дреевна, кыбдьырына-кыбдьырына, субу охсуох курдук суту-
ругун туппутунан миэхэ ынан кэллэ:
— Сиргидэх, хобулааҥҥын туһанныҥ дуо? Акаары! Миигин
бу төрүүргэр түбэһиннэрбэтэх баҕайыҥ ини! Кэһэйдиҥ дуо?
«Икки сүүс yoн харчы» дуу? Көрүөххүн баҕараҕын дуо ону? Бу
бааллар, көр! — Сиэбиттэн били «2 с. 10 х.» диэн этикеткала-
ры ылан харахпар үҥүлүттэ.
— Хотуой, сүбэлээн этэбин: эн мантан үтүөнэн бар! Сип-си-
билигин Иван Ивановичка тиийэҥҥин сайабылыанньата биэр:
ууратыҥ диэн. Туох эмэ диэн биричиинэлээ. Ыалдьабын диэ.
Истэҕин дуо: үтүөнэн уурай! Сэрэтэбин: үтүөнэн уурайбатах-
хына — кэһэйиэҥ!
«Миигин үүрэн баран, соҕотоҕун хаалан, талбытынан ба-
чаачайдаары гынар, — дии санаатым. — Миигиттэн босхоло-
нуон баҕарар. Тохтуоҥ эбээт! Миигин куттуоҥ суоҕа...»
— Мин ыалдьыбаппын,— диэтим.
— Оччоҕо ийэм ыалдьар диэ, акаары!
— Ийэм эмиэ ыалдьыбат.
— Сымыйалыаххын кэрэйэр буоллаххына, көннөрү дьиэҕэр
олор. Практикаҥ күнэ бүттэҕинэ, мин толору сылдьыбыт кур-
дук ыспыраапка биэриэм.
— Миэхэ сымыйа ыспыраапка наадата суох.
121