Page 117 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 117

— Наташа, чэ, бар, маҕаһыыҥҥын ас. Хойутаатахха — ай-
даарыахтара.

    Онуоха мин эппитим:
    — Анна Андреевна, эппит сыанатын алҕаһаабыппыт ээ...
    — Тугу-тугу лахсыйаҕын? — дьахтарым өрө көрө түспүтэ. —
Ханнык эти?
    Мин Анна Андреевна соһуйан тилигирэйэ, алҕаһаабытыттан
аймана түһүөҕэ диэн күүтэн туран, мух-мах барбытым.
    — Ол сүүс сэттэ уоннуулааҕын эн хантан биллиҥ? Ким ин-
ньэ диэн эттэ?
    — Мин ... бэйэм ... көрдүм ... фактураҕа...
    — Ол-бу атын сыыппараны көрө-көрө, лахсыйа сылдьыбат
буол. Уонна көҥүлэ суох кумааҕыны хаһыспат буол. Өйдөөтүҥ
дуо?
    Анна Андреевна үөһэ сытар паапкалаах кумааҕыны остуол
дьааһыгар уган хатаан халыгыратта.
    — Тоҕо тураҕыный? Бар, маҕаһыыҥҥын ас!
    Анна Андреевна тиэтэйэ-саарайа атыылаан барда. Хас көр-
дөҕүм ахсын кини сирэйэ мин харахпар ордук дьүдьэйэн көс-
төн истэ. Ыйыллан түһэн, дьэ, сирэй! Саатар, биирдэ эмэтэ
мичик гыннаҕа дуу. Урут хайдах миэхэ кырасыабай курдук
көстүбүт бэйэтэй! Кини эт сыанатын «алҕаһаабатаҕын», сору-
йан үрдэтэн атыылыырын мин улам бигэтик итэҕэйэн бардым.
Били аламаҕай харахтаах, мичиҥнэс бэйэлээх кэрэ Анна Ан-
дреевнам итинник түктэритик быһыыланыан сатаммат буол-
лаҕына, ити өһөхтөөх харахтаах, кырыылаах сирэйдээх, хаҕыс
көрүҥнээх Анна Андреевна ханнык баҕарар хараҥа дьыаланы
оҥоруон сөп.
    Онтон доҕоор!.. Онтон, маҕаһыыны сабааппытын кытта,
Анна Андреевнам эмиэ адьас уларыйа оҕуста, — били урук-
ку эйэҕэс, кырасыабай Анна Андреевна буолан хаалла. Анна
Андреевна эмискэ тохтуу биэрдэ, муннукка уурбут суумкатын
сулбу тардан ылла.
    — Наташа, хараххын быһа симп эрэ! Мин тугу эрэ көрдө-
рүөм.
    Мин өс киирбэх харахпын быһа симним.
    — Көр!
    Анна Андреевна кустук курдук араас нарын өҥнөөх ойуу-
лардаах сиэрис куоптаны иннибэр тэниччи тутан турар эбит.
    — Үчүгэй дуо?
    — Үчүгэй... — сибигинэйбиппин кулгааҕым эрэ истэн хаал-
ла. Ол эрээри үчүгэйи үчүгэй диэминэбин. Итинник куоптаны

                                                                                                                                     117
   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122