Page 114 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 114

— Маамаҕар миигиттэн кэһии, — диир.
    Аккаастанар туһата суоҕун өйдөөн — син биир ылыныа суо-
ҕа диэн — бу сырыыга аккаастана да барбатым. Дьиэлээн
иһэн, уулусса муннугар Коляны көрүстүм. Дэҥҥэ түбэһэ түспүт
курдук туттар да, арааһа, миигин күүппүт быһыылаах. Практи-
катын кэпсиир.
    — Аҕал, суумкаҕын тутуум, — диэтэ Коля. Мин биэрдим.
    — Тыый, тугун ыараханай? Бачча ыарахан тугуй?
    — Бэйэм да билбэтим. Ас ини...
    — Бэйэҥ суумкаҕар туох баарын хайдах билбэккин?
    — Билбэппин — онон бүтэр. Эн онно туох наадаҥ баарый?
    Коля саҥарбата. Мин холустук тылласпыппын кэмсинэ са-
наатым.
    — Коля, мин кырдьык билбэппин ээ. Анна Андреевна укпута.
    — Ол кини эн туохха наадыйаргын хантан билэн угар?
    — Бил... билбэппин...
    — Билбэт эрээри харчытын хайдах төлөөтүҥ?
    — Мин харчы... төлөөбөтүм.
    — Тоҕо?
    — Мин атыыласпатах буоллаҕым дии. Уонна хайдах харчы
төлүөхпүнүй?
    — Атыыласпаккаҕын... хайдах ылаҕын?
    — Анна Андреевна биэрдэ диибин буолбат дуо?
    — Ол кини тоҕо биэрэр?
    — «Маамаҕар кэһии» диэн... Коля, түксү! Эн миигин силиэс-
тийэлээри гынаҕын дуу, тугуй?!
    — Мин санаабар, Анна Андреевна эйиэхэ маҕаһыын киэнин
уоран биэрбит, — диэтэ Коля, саҥата суох буугунуу испэхтээн
баран. — Уоран!
    — Коля!!
    — Маҕаһыынтан атыылаһан эрэ ылыахха сөп. Онтон атына
барыта — уоруу...
    — Оччоҕо... мин уоруйахпын дуу?!
    — Уопсайынан этэбин.
    — «Уопсайынан!» Ол «уопсайга» мин киирсэр буоллаҕым
дии? Баһыыба...
    Mин, суумкабын сулбу тардан ылаат, тротуарынан сүүрдүм.
Коля, эккирэтэн кэлэн илиибиттэн харбаата:
    — Наташа! Иһит эрэ...
    — Истибэппин! Истиэхпин баҕарбаппын!
    Мин уол илиитин төлө садьыйдым, сүүрбүппүн кубулуппа-
тым. Коля онно туран хаалла.

 114
   109   110   111   112   113   114   115   116   117   118   119