Page 110 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 110
Муус устар 4 күнэ, баскыһыанньа.
Маҕаһыыммытын көннөрү күннэрдээҕэр эрдэ, 9 чааска, ас-
тыбыт. Хара сарсыардаттан атыылаһааччы быыстала суох эл-
бэх. Мин Анна Андреевнаҕа атыылыырыгар көмөлөстүм: кини
этэринэн, саахары, бэчиэнньэни ыйыыбын, кэнсиэрбэлэри,
килиэби ылан биэрэбин (биһиги маҕаһыыммытыгар бородуук-
та арааһа барыта атыыланар).
Бүгүн мин ордук биир эмээхсини аһына санаатым. Эт атыы-
лаһа кэлбит. Бэрт кыраны: киилэ аҥаарын эрэ курдугу. Анна
Андреевна, кини диэки көрө да барбакка эрэ, ыйааһыҥҥа
уҥуохтаах куһуогу уурда. Киилэ кэриҥнээҕи. Эмээхсин ону
уларытарыгар көрдөстө.
— Уҥуоҕа бэрт, уолбар бэрэски оҥоруом этэ, — диэтэ.
— Уҥуоҕа cyoҕy хантан ылыахпыный? Сүөһү этэ хайдах уҥуо-
ҕа суох буолуоҕай?
— Уонна харчым тиийбэт. Миэхэ киилэ аҥаарын кэриҥинэ...
— Харчыта суох эрээри хайдах маҕаһыыҥҥа кэлэҕит? Босхо
ылаары дуо? — Анна Андреевна өрө хабылла түстэ. — Ылар
буоллаххына — ыл. Дьону мэһэйдээмэ.
Бу кэмҥэ кэтэх хоспутугар төлөпүөн тыаһаата. Анна Андреевна
онно барда. Эмээхсин муҥнаах өрбөх суулаах кирибинньик
харчытын ааҕа сатыы турда. Мин, онно тиийэн, били уҥуох-
таах эт оннугар ыйааһыҥҥа, аллараттан ылан, үчүгэй кыракый
куһуогу уурдум:
— Бабушка, бу сөп дуо?
— Баһыыба, тоойуом...
— Хайа, ылаҕын дуо? — диэбитинэн таҕыста Анна Андреевна.
— Ылан, ылан.
Анна Андреевна, суоттаан лабырҕатта уонна, ыйааһынтан
эти ылан иһэн, тохтуу түстэ, дьиибэргээбиттии мин диэки көр-
дө да, тугу да саҥарбата.
Эбиэккэ Анна Андреевна миигин кумааҕынан сууну хайдах
түргэнник, бөҕөтүк оҥорорго үөрэттэ. Син үөрэнним. Совогу-
нан хайдах бастахха киилэ, киилэ аҥаара буоларын көрдөрдө.
Мин ону эмиэ үтүктэ сатаатым да — син биир ордук-хоһу буо-
ла турар.
— Эн адьас кыһыл көмүһү дуу, эми дуу ыйыыр курдук ыйыы-
гын. Итинник ыйаатаххына, бириэмэҥ да үгүс баpap, бэйэҕэр
да ночооттоох буолар, — диэтэ Анна Андреевна. — Бу курдук
гынар баҕайы...
Инньэ диэн баран, Анна Андреевна кумааҕыга киилэ кумах
110