Page 108 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 108
сөптөөх мас дьиэ. Туһунан олбуордаах. Урут, куорат бу өт-
түгэр охсулуннахпына, хам-түм аттынан ааһар этим. Иһирдьэ
киирдэххэ, иһэ өссө кыараҕас эбит. Атыылаһааччылар турар
сирдэрэ, сүүрбэччэ киһи киирдэҕинэ, «лыык» курдук буолсу.
Прилавок анараа өттүгэр түгэх хоско киирэр аан көстөр. Ма-
ҕаһыын саҥа аһыллыбыт: биэс-алта оҕо-дьахтар уочараттаан
тураллар. Атыылааччы көстүбэт. Мин эмиэ күүтэн турдум.
«Эргиэн кырдьаҕас үлэһитэ» диэбитэ маннааҕы атыылаач-
чыны Иван Иванович. Онон мин кэтэх аантан кыырыктыйбыт
баттахтаах кырдьаҕас дьахтар тахсарын күүтэбин. Онтукам,
Анна Андреевнам эдэр дьахтар буолбутуттан мин хайдах эрэ
үөрэ санаатым. Анна Андреевна, мин диэки хайыһан, ыйытар-
дыы көрдө.
— Мин ... оскуолаттан, — диэтим.
— Практиканкаҕын дуо? Уой уонна баччааҥҥа диэри саҥата
суох тураҕын дуу? Кыысчааныам, чэ, кэл, манна киир. Киир,
киир! Мааҕыҥҥаттан этиэҥ этэ буоллаҕа дии! — диэн дьахтар
өрүкүнэйэ түстэ, прилавогын xaҥac истиэнэ диэки өттүн өрө
көтөҕөн, иһирдьэ ыҥырда.
— Тётя Аня да диэххин сөп. Көннөрү Аня диэтэххинэ өссө
ордук. Эн кимҥиний?
— Наташабын. Наташа Уйгуровабын.
— Продавец! Продавец ханнаный? — аан хостон көөҕүнэс
caҥa иһилиннэ.
— Чэ, эн манна сыгынньахтан. Көхө ол баар. Мин сибилигин
кэлиэм.
— Продаве-ец!— аны хатан куолас чаҥкынаата.
— Чэ, сити! — Анна Андреевна кыйахаммыт көрүҥнэннэ. —
Бардым!
Сүүрбэ хонук тухары бу сыт-сымар ортотугар сылдьыах бэ-
йэм буоллаҕа...
— Хайа, бу тоҕо төбөҕүн ыйаатыҥ?
Анна Андреевна киирэн, иннибэр өттүк баттанан турда.
— Билбэппин... — диэн мин ааргы соҕустук хардардым.
— Наташа, практикаҕар дьэ тугу гыныам дии саныыгын?
— Туту соруйаргын...
— Маладьыас! Мин бу эн курдук сэмэй кыргыттары сөбү-
лүүбүн. Киэбириҥсэ кыргыттары абааһы көрөбүн. Эн эмиэ дуо?
Үчүгэй-эй! Дьэ мин бастакы сорудаҕым бу, — Анна Андреевна
иннибэр бүлүүһэҕэ шоколаднай кэмпиэт үлүгэри өрөһөлүү ку-
тан уурда. — Сиэ! Сиэ күүһүҥ кыайарынан!
Эбиэккэ диэри мин дьааһыктары, хордуоҥка хоруопкалары
108