Page 113 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 113
— Төҥкөй. Мин тугу эрэ этиэм.
— Тоойуом, — диэтэ оҕонньор мин төҥкөйбүппэр, туох эрэ
кистэллээҕи этэр кэриэтэ кулгаахпар сибигинэйэн.
— Мичээрдиириҥ үчүгэйиэн! Мичээргин дьонтон харыстаа-
бат буол!..
Бу киэһэ Анна Андреевна, төһө да син уруккутунуу күллэр-
оонньоотор, тоҥуй соҕустук бырастыыласта.
«...Мичээргин дьонтон харыстаабат буол!..» Дьэ мин онно
эмискэччи өйдүү түстүм: мин килиэби, саахары, эти, арыыны
атыылыыр эрэ буолбатахпын. Мин итилэри кытта бииргэ бэйэм
үтүө санаабын, истиҥ мичээрбин биэрэн ыытабын. Ама ким
атын киһи айыы санаатын, сырдык мичээрин ыларын сөбүлүө
суоҕай! Ол иһин биһиги бородууктабыт ордук минньийэр эбит.
Мичээр, ис сүрэхтэн тахсар буоллаҕына эрэ, күндү. Сы-
мыйа мичээри эндэппэккэ билээччилэр, оннук мичээр ким да
дууһатыгар биир да сырдык кыымы күөдьүтүө суоҕа. Таптыыр
сүрэх үөскэппит мичээрэ эрэ атын дьон сүрэҕэр тиийиэн сөп.
Бар дьонум, мин мичээрбин итэҕэйиҥ! Мин эһигиттэн хаһан
да мичээрбин харыстыам суоҕа!
Муус устар 10 күнэ, субуота.
Сарсыарда маҕаһыыҥҥа тиийбитим — директоры солбу-
йааччы Иван Иванович кэлэн олорор эбит. Мин киирбиппэр,
соһуйбут курдук, ходьох гына түстэ. Мин, иһирдьэ aaммын, түн-
нүктэрбин аһыталаатым. Ону-маны хомуйдум. Анна Андреев-
на директоры солбуйааччылыын өр олордулар. Ботур-итир
кэпсэтэллэр да — саҥаларын хоһооно иһиллибэт. Уон чаас
чугаһаабытыгар, маҕаһыыны аһабын дуо диэн ыйытаары, ааны
өҥөс гынан иһэн, Иван Иванович мин ааппын ааттаабытын
истэн тохтуу түстүм.
— Ити кыыһыҥ — Наташа диэн дуу? Туохтаабат ини?
— Ээ, букатын оҕо. Кини диэн. Эчи, дьиксиниэх сир бап-
патаҕа...
«Анна Андреевна хайҕаата... диэбитэ дии. Хайдах хайдаҕый?
Миигиттэн тоҕо дьиксинэр?..»
— Олус эрэнимэ. Атаҕыҥ анныттан абааһы тахсаарай?.. —
Мин сирэйгэ бэрдэрбит кэриэтэ буоллум. Ити аата миигин
итэҕэйбэт эбит буоллахтара. Уорбалыыллар эбит. Тоҕо? Туох
иһин? Бу сааты!..
— Наташа! Маҕаһыыҥҥын ас — уолдьаста, — Анна Андреев-
на хаһыытаата.
Киэһэ дьиэбэр барарбар, Анна Андреевна суумкабар эмиэ
хара күүһүнэн бородуукта укта.
113