Page 112 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 112
сор да бөҕөнү көрбүтэ ээ», — диэччилэр. Дьол уонна сор!
Хайалара кырдьыгы этэрэ буолуой? Мин ийэбин итэҕэйэбин.
Таптыыр киһини кытта олорор, төһө да эрэйдээҕин-кыһалҕа-
лааҕын иһин, чахчы дьол буолуохтаах!
«Эн эрэ үрдүк үөрэхтээх, үчүгэй үлэһит буолларгын, — диир
ийэм. — Онтон ордук миэхэ туох да наадата суох». Кырдьык,
миигин улаатыннарар, үөрэттэрэр туһугар элбэх да эрэйи
көрдүҥ ээ, ийэм барахсан. Миэхэ саҥа былаачыйа таҥаһа
атыылаһаары, миигин арыый минньигэс аһынан аһатаары эн,
машинкаҕар эбии үлэ ылан, төһө үгүс түүн утуйбатаххын ким
билиэ баарай! Туох үчүгэйи булбуккун наар миэхэ биэрэ са-
тыыгын. Амтаннаах аһы — миэхэ, кырасыабай таҥаһы — миэхэ
үтэйэҕин. Биһиги үгүс мөккүөрбүт төрдө итиннэ. Маамаа, эн
бэйэҥ да эдэргин ээ, эйиэхэ да ама мааны таҥас наадата
суох үһү дуо?
Маамаа, мин эн баҕаҕын толоруом; хайаан да үөрэхтээх,
үчүгэй үлэһит буолуом. Эн тускар. Иккиэммит туһугар. «Үһүөм-
мүт туһугар» — диэҕиҥ эн. Сөпкө этэҕин — үһүөммүт туһу-
гар. Эн аҕабын, суох да буоллар, мэлдьи баар курдук, мэл-
дьи бииргэ сылдьыһар курдук, биһигини, тыыннаахтары, кытта,
тэҥҥэ үөрсэр, хомойсор курдук саныыгын. Кини эн сүрэххэр
мэлдьи тыыннаах. Маамаа, ити иһин, аҕам тапталын бачча
сыл тухары тыыннаах илдьэ сылдьарыҥ, аҕам кэриэһин, аҕам
аатын, киргэ-хахха сыһыарбакка, күндүтүк тутарыҥ иһин, мин
эйигин өссө ордук таптыыбын!
Мин эн курдук буолуохпун баҕарабын. Сынньалаҥнык утуй,
ийээ! Сарсын эмиэ түбүктээх күн үүнүө...
Муус устар 8 күнэ, чэппиэр.
Бүгүн, бэҕэһээ эмиэ астына үлэлээтим. Маҕаһыын сабылла-
ра чугаһаабытыгар, Анна Андреевна миэхэ көмөлөһө таҕыста.
Иккис ыйааһын аттыгар туран, эттэ:
— Сороххут манна кэлиҥ.
Онуоха уочарат хамсаабата. Дьон тоҕо эрэ кинини истибэ-
тэх курдук тутуннулар. Анна Андреевна, турбахтыы түһээт, тү-
гэх xohyгap төттөрү киирдэ. Мин хайдах эрэ эмиэ кыбыста
санаатым. Үлэлиии тураммын таабырын оҥостон таайа сатаа-
тым: атыылаһааччылар Анна Андреевна ыҥырбытыгар тоҕо
барбатылар? Toҕo? Ити курдук саныы турдахпына, саахар
атыыласпыт, сэҥийэтигэр убаҕас суптугур бытыктаах хатыҥыр
оҕонньор илиитинэн имнэннэ:
— Тукаам, бэттэх төҥкөй эрэ.
— Toҕo? — мин дьиктиргээтим.
112