Page 109 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 109
наар-наар сааһылаталаатым. Кууллары эмиэ, Анна Андреев-
наны көмөлөһүннэрэн, муннукка чөмөхтөөтүм. Хоспут иһэ бы-
дан кэҥии түстэ. Эбиэт кэнниттэн истиэнэни оппуохалаатым,
муостаны, түннүктэри, остуолу сууйдум. Маҕаһыын сабыллыы-
та нэһиилэ бүтэрдим.
Анна Андреевна, маҕаһыынын хатаан киирэн баран, эрги-
чиҥнии түстэ:
— Уой, үчүгэй да буолбут! Наташенька, баһыыба! — Уонна
кууһан, уураан ылла.
Сылайбыппын даҕаны! Билигин мин Нагорнай маҕаһыы-
ныгар кэлбиппин кэмсиммэппин. Нинкаа, эйиэхэ, бука, Анна
Андреевна курдук эйэҕэс киһи түбэспитэ саарбах. Эн сэбиэ-
диссэйиҥ тимири ыйыстыбыт курдук хаҕыс көрүҥнээх, үрүт
уоһугар биллэ хараарар бытыктаах аҕамсыйбыт дьахтар этэ.
Мин Анна Андреевнам, онуоха холоотоххо, адьас аанньал, кы-
расаабысса! Иһиттиҥ дуо, Нинкаа?
Муус устар 3 күнэ, субуота.
Сарсыарда дэлби көһүйэн уһугуннум. Дьиҥ сааскылыы
ылааҥы күн буолла. Уулуссаларга чалбах бөҕө таҕыста.
Бүгүн прилавок иһин, долбуурдары ыраастаатым, сааһылаа-
тым. Дьиэ муостатын, түннүктэрин барытын соттум, сууйдум.
Анна Андреевна хайгыырыгар соло буолбат. Наар кэмпиэ-
тинэн, бирээнньигинэн сыҥалыыр.
Киэһэлик, аан хоһу сууйа сырыттахпына, Коля таарыйда.
Кинилэр гаражка сарсыарда аҕыстан киэһэ түөркэ диэри үлэ-
лииллэр үһү.
Маҕаһыыҥҥа атыылаһааччы быыһа этэ.
Анна Андреевна кэтэх хоско таһаҕас тута сылдьыбыта.
— Бу тугу гынаҕын? — диир Коля.
— Көрбөккүн дуо — муоста сууйабын.
— Һы... Бу аата «практика» дуу?
— Практика буолумуна туох буолуой? Бэйэҥ илиигин көрүн
— эмиэ хап-хара дии.
— Бу кир буолбатах — арыы! — диэтэ Коля, киэн туттардыы.
— Биһиэхэ манныга суох табыллыбат.
— Оттон биһиэхэ эмиэ манныга суох табыллыбат. Киэр тур!
Ууга...
Киэһэ дьиэбэр кэлэрбэр Анна Андреевна кэмпиэт, бирээн-
ньик суулаан биэрдэ. Аккаастанан көрбүппүн — букатын ис-
тибэт. Хайыахпыный — ыллаҕым дии. Ылбатахпына, өһүргэ-
ниэххэ айылаах.
Аны букатын ылыам суоҕа.
109