Page 104 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 104

най-фантастическай жанр да, уус-уран айымньы да быһыытынан
бэркэ табыллан ыпсыбыт. «Долбор сулуһугар» доруобай буолуу,
уһун үйэлэнии биричиинэлэрин эдэр учуонай Ньургун Николае-
вич Чорооноп чинчийэр. Кини араас гипотезалары туруоран,
ону ирдээн-суоллаан иһэрэ умсугутуулаахтык ойууланар. Манна
сюжет өттүнэн научнай фантастика быһылааннаах жанры кытта
майгыннаһар өрүттэрдээҕин көрөбүт. Ньургун Николаевич үгүс са-
баҕалааһыннарыттан биир сүрүннэригэр ордук болҕомтотун уурар
—ол норуот үйэлэр тухары илдьэ сылдьар үгэстэригэр.

    … Эдэр учуонай элбэх ыарахаттары көрсөр, тиһэҕэр кини үлэтэ
суох хаалар. Суруйааччы маннык быһыыны-майгыны көрдөрбүтэ
научнай фантастика да, литература да атын жанрдара көтөҕөр
проблемаларыттан туора турбатын туоһулуур. Ол курдук Г. Уга-
ров сэһэнин дьоруойа уонна конфлига Н. Лугинов, Е Неймохов,
Э. Соколов 70—80-с сс. айымньыларын кытта уруулуулар.

    Биһиги научнай фантастиканы эдэрдэр ааҕаллар диибит, ол
эрээри «Долбор сулуһун» эдэр да, кырдьаҕас да киһи умсугуйан
туран ааҕар».

                              ҮТҮӨ-МӨКҮ ЭРГИИРЭ

                                                              Олох сыала — баҕа санаа,
                                                              Үчүгэйгэ мэлдьи тиэтэйии;
                                                              Бүүс-бүтүннүү онно анаан,
                                                              Ол санааттан өрүү киэркэйии

                                                                                            Р. Баҕатаайыскай

    «Биирдэ оҕо саадыгар сылдьан: «Үтүө киһи диэн хайдах буо-
луохтааҕый», — диэн ыйытыыбар, оҕолор бэйэлэрин быһа түһэ-
түһэ санааларын эппиттэрэ: «Кини ыттары, куоскалары аһы-
ныахтаах», «кыра оҕолору атаҕастыа суохтаах», «мааматыгар
көмөлөһүөхтээх», «мэлдьи үөрэ сылдьыахтаах». Биир оҕо тол-
куйдуу түһэн баран: «Кини сып-сырдык буолуохтаах», — диэн
чап гыннарбыта. Оҕо өйдөбүлүгэр үтүө-сырдык диэн быстыс-
пат ситимнээхтэр буоллаҕа», — диэн суруналыыс Сардана
Кузьмина бэлиэтиир.

    Күндү доҕоттор! Кырдьык даҕаны, үтүө уонна мөкү быһыы-
лаах буоларбыт туохтан тутулуктааҕый? Биhиги өбүгэлэрбит
бэйэлэрин «айыы дьонобут» диэн киэн тутта кэпсэнэллэрэ.
Айыы суолун тутуhарга, ол аата дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө санааны
иҥэрэргэ, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык, тулалыыр эйгэҕэ,

 104
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109