Page 101 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 101

лаевичтан истэн турабыт. Долбордор тоҕо уһун үйэлэнэллэрин
туһунан боппуруос — билигин да аһаҕас диэххэ наада.

    Афанасий Семёнович кэнниттэн Степан Бөлтөөсөп, саас
ортолоох, киппэ, бөҕө-таҕа көрүҥнээх киһи, лаборатория үлэ-
һитэ, тыл көрдөөтө.

    — Оннук абыраллаах отрицательнай аэроионнарынан баай
биллиилээх куруортар олохтоохторо киһи сөҕөр уһун үйэлэм-
миттэрэ тоҕо эрэ биллибэт.

    — Мин лабораммын, — Дьирибинэ Сиидэрэбинэ, кыһыл кө-
мүс ытарҕатын салбырҕастара эйэҥэлээн, туран кэллэ.

    — Уонна икки үрдүк үөрэхтээхпин диэ, — хантан эрэ эҕэлээх
саҥа иһилиннэ. Дьирибинэ Сиидэрэбинэ тугу да истибэтэх
курдук тутунна уонна салгыы саҥаран барда:

    — Бу бүгүҥҥү дьүүллэһиллэр боппуруоска, кырдьыгы кис-
тээбэккэ эттэххэ, мин нуулбун, тугу да билбэппин. Ол гынан
баран, мин санаабар, Чорооноп гипотезата букатын сыыһа,
онно суох.

    — Бай, тугу да билбэппин диир уонна судьуйалыыр, эмиэ
да логика... — хайа эрэ устудьуон дьиктиргээбитин таһыгар та-
һаарар.

    — Ити кини идэтэ...
    — Чэ, холобура, мин билигин хоту диэки бастана сытабын,
ол гынан баран сүрэх ыарыһахпын, хаан баттааһыннаахпын,
уһун үйэлэнэрим биллибэт, — Дьирибинэ Сиидэрэбинэ бөтөн
ылла. Мустан олорооччулар ортолоругар күлсэр саҥалар иһи-
линнилэр.
    Дьон кэнниттэн тыаһа суох, сэрэммит курдук туттан, Уоһук
Иванов туран кэллэ уонна арыы саһыл харахтарынан буруйдам-
мыт курдук дьону тула көрдө. Кини устудьуон Байанаайап үлэтин
хайҕаата. Ньургун Николаевич гипотезата интэриэһинэйин ыйда.
    Иванов кэнниттэн хас да киһи туран кэпсэттилэр даҕаны,
оччо кэрэхсэбиллээҕи тугу да эппэтилэр. ¥гүстэр лаборатория
урукку тиэмэтин салгыыра наадалааҕын, саҥа тиэмэ киирэрэ
билигин эрдэтин эҥин туһунан куолулаатылар.
    Балайда бириэмэҕэ кэпсэтэр киһи көстүбэтэ, онон Ньургун
Николаевич турарыгар тиийдэ. Кини Николай Байанаайап үлэ-
тин үрдүктүк сыаналаата. Коля чинчийэр үлэҕэ дьоҕурдааҕын,
дьулуурдааҕын ыйда. Онтон салгыы Чорооноп бэйэтин гипоте-
затын сүрүн-сүрүн түгэннэригэр өссө төгүл тохтоото уонна гипо-
теза кэскиллээҕин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Кини бүтэригэр эттэ:
    — Лабораторияҕа Долбор уһун үйэлээхтэрэ наукаҕа туох
да суолтата суоҕун курдук сыһыаннаһыы баар. Бу икки сыл

                                                                                                                                     101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106