Page 103 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 103
саҥа сонун идиэйэлэри киллэриилэриттэн улахан тутулуктаах.
Онон бу боппуруоһу бары өттүнэн ыараҥнатан, толкуйдаан
көрөр хайаан да наада.
Ньургун Николаевич, сирэйэ уокка баттаабыт курдук дэлби
кытаран баран, тугу да толкуйдуур, саҥарар да кыаҕа суох
олордо. Сэминээр бүттэ. Дьон сыыйа тарҕаһан бардылар. Ньур-
гун Николаевич бараары турбутун көрөн, Тулааһынап:
— Ньургун Николаевич, тохтуу түс эрэ, — диэтэ. Сирэйэ-
хараҕа уларыйбыт. Дьон бары тахсыбыттарын кэннэ, иккиэ-
йэҕин эрэ хаалбыттарыгар Семён Семёнович Чороонобу уун-
утары көрөн туран:
— Эрэммитим, онтум баара... Көмүскэһэр дьону булуммук-
кун. Эн биһикки мантан инньэ биир лабораторияҕа үлэлиирбит
сатаныа суох, онон миэстэтэ булуна сырыт, — диэт, Тулаа-
һынап киһитэ туох диирин кэтэспэккэ эрэ, тимир-тамыр курдук
туттан, чиҥ-чиҥник үктэнитэлээн, тахса турда.
Ньургун Николаевич таһырдьа таҕыста. Тымныы, чысхаан
тыал сирэйин быһыта биэрбитигэр кыһаммакка, аа-дьуо баран
истэ. Онтон тохтоон халлааны одууласта. Күүстээх кыйысхан
тыалга үрдэрэн, былыттар үөмэхтэһэ усталлар. Ньургун Ни-
колаевич обургу соҕус ырааһыйа баарынан Хомуос сулустар
бөлөхтөрүн, онон сирдэтэн Долбор сулуһун — Хотугу Сулуһу
— булан көрдө. Хотугу Сулуһу одуулаһан өр турда. Былыттар
Долбор сулуһун хайдах эрэ тумнан ааһар курдуктар. Ол эрээри
былыттар хойуулар, тыал улам күүһүрэн иһэр — буурҕа түһэрэ
чугаһаатаҕа...
Анаан дьүүллэһии
Эһиги өлбөт үйэлээх буоларгытын биирдэ эмэ оҥорон көрбүк-
күт дуо, доҕотторгутун кытта санааҕытын үллэстиҥ. Ааптар тоҕо
бу тиэмэҕэ суруйбута буолуо дии саныыгытый?
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
Биллэр литературнай кириитик В.Б. Окорокова ыстатыйатын
болҕойон ааҕыҥ. Суруллубукка олоҕураҥҥыт «Ньургун Николае-
вич Чорооноп чинчийиитин түмүгэ»» диэн айан суруйуҥ.
В.Б. Окорокова: «Г. Угаров айымньыларыттан саамай бастыҥ-
нара, мин санаабар, «Долбор сулуһа» буолар. Бу айымньы науч-
103