Page 105 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 105
тыыннаах киhи курдук, харыстабыллаахтык сыhыаннаhарга кы-
hаналлара.
Киһи олоххо бэйэтин аналын ылбычча кыайан билбэт. Онон
элбэх сыыһаны-халтыны оҥоруон сөп. Киhи бэйэтин мөкү өт-
түн самнарарга, үтүө өттүн сайыннарарга дьулуһуохтаах. Бэ-
йэ кыаҕын, ис дьиҥин билинэр, инники олоҕун туhунан тол-
куйдуур, анаарар, тулалыыр дьонун болҕойон көрөр эрэ киһи
олоххо сөптөөх хайысханы таба тайанар.
Хас биирдиибит иһигэр араас сыыhа санаалар, адьынаттар,
кыыбаҕалар бааллара мөккүөрэ суох. Киһи олох олорорун ту-
хары үтүө уонна мөкү охсуһуутугар сылдьар. Бу хабырыйсыыга
үтүө санаа, хараҥаны кыайан, уhун санааҕа, сырдыкка тиэрдэ-
ригэр бары күүспүтүн туһулуохтаахпыт. Истиҥ доҕор-атас бу-
лунан, айылҕаҕа сыстан, төрөөбүт норуоппут өйүн-санаатын,
үтүө үгэстэрин эппитигэр-хааммытыгар иҥэринэн киһи-хара
буолар туһугар талаһыаҕыҥ.
Оҕолор, киhи аймах өркөн өйө, сылаас сырдык санаата, үр-
дүккэ, кэрэҕэ дьулуура, баҕарар баҕата уус-уран айымньыга
сөҥө сылдьарын умнумаҥ!
СОФРОН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
Саха норуодунай суруйааччыта
(1922—1993)
«Софрон Данилов — олоххо баар
кэрэни кыраҕытык көрөр нарын дууһа-
лаах суруйааччы. Проза бары жанрда-
рыгар кэрэхсэбиллээх айымньылары ай-
быта. Кини айымньылара сырдыктар,
тыыннаахтар, киһини үтүө сиэрдиир,
бастыҥ майгылыыр аналлаахтар».
Софрон Данилов «Сүрэх тэбэрин ту-
хары», «Киһи биирдэ олорор», «Бары-
маҥ даа, кубалар!» диэн романнара
биһиги литературабыт боччумнаах си-
тиһиитэ уонна киэн туттуута буолаллар.
Софрон Петрович Данилов — суру-
йааччы эрэ буолбакка, норуотун дьылҕатын, кэлэр кэскилин,
сарсыҥҥытын туһугар өйүн-санаатын түмэн үлэлээбит общес-
твеннай деятель. Кини үгүс айымньыларыгар, публицистичес-
кай суруйууларыгар, бэлиэтээһиннэригэр олох үтүөтүн-мөкү-
105