Page 116 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 116

Оҕонньор таҥна турар эбит.
    — Миигин билбэтэ буолуо дии саныыр быһыылаах: бастыҥ
суорт сыанатынан, иккилии сүүс уоннуу харчынан аахпыт. «Ал-
ҕаһаабыппын», — диир. Хайаабыт хотун буолла: кырдьык ал-
ҕаһаата эрэ, суох эрэ...
    Ээй, арба, били бэҕэһээҥҥи суумкалаах бородууктабын
маҕаһыыҥҥа киллэрэн төттөрү биэрбэтим. Эмиэ симиттэн.
Таһырдьа ууран кэбистим. Кэннэки, барар сахха төннөрүөҕүм.
    Муус устар 13 күнэ, оптуорунньук.
    Өскөтө Анна Андреевна чахчы сыананы үрдэтэн атыылаабыт
буоллаҕына, бу күннэргэ төһөлөөх элбэх киһини албыннаабы-
та буолуой! Төһөлөөх элбэх киһиттэн ордук харчыны ылбыта
буолуой! Чиэһинэй үлэлэринэн ылбыт харчыларын. Мин буол-
лаҕына, ону моһойсорум оннугар, онуоха көмөлөһөбүн дии.
«Эн туоххунуй?» Инньэ диэххэ да айылаах... Дьэ ону мин хай-
дах быһаарабын? Эттэххэ дөбөҥ — «быһаардыҥ дуо?..» Баҕар,
били эт эттээччи оҕонньор букатын хой баһын туойбута буолуо.
Дьэ ити курдук муна-тэнэ олорон, хараҕым кумааҕылаах паап-
каҕа иҥнэ түстэ. Ылан арыйдым. Бу сылдьаллар эбит таһаҕас
фактуралара. Бу урукку. Бу эмиэ урукку. Бу кэллэ субуотатаа-
ҕы. Эт ханнаный? Ээ, бу, баар. Эт эттээччи оҕонньор сөпкө эп-
пит эбит: субуотаҕа кэлбит эт барыта иккис суорт, сүүс сэттэ
уоннуу харчылаах эбит. Бу арыы баар. Киилэтэ үс сүүс түөрт
уоннуу харчылаах. Бу арыыттан атыылыы иликпит. Урукку то-
боҕу атыылыыбыт. Биэс тонна эт кэлбит. Ити аата хас биир-
дии киилэттэн түөрт уоннуу харчыны ордук ылар эбит. Тугун
үлүгэрэй. Биэс тоннаттан икки тыһыынча солкуобайы ордук
ылар. «Ылар» да диэн буолуо дуо — «ылабыт». Дьону албын-
ныырга, кинилэр харчыларын халыырга — халыыртан атыннык
ааттыахха сатаммат — мин эмиэ көмөлөһөбүн эбээт! Дьоҥҥо
үөрүүнү үллэрэбин диэн үөрбүтүм — онтукам ити баар!
    Бастакы санаам: улахан маҕаһыын хонтуоратыгар тиийэн,
директорга этиэххэ диэн этэ. Ааным хатааһыннааҕа — тах-
сар кыаҕым суоҕа. Дьэ ол хаайтаран олорон, барытын эргитэ
санаан көрбүтүм. Санаатаҕым ахсын бастакы быһаарыныым
улам мөлтөөн-ахсаан барбыта. Киһи кыайан мэлдьэспэт чахчы-
та төһө да сирэйгэ-харахха анньа турарын үрдүнэн, мин Анна
Андреевнаны быыһыыр быыһы-хайаҕаһы көрдүү сатаабытым.
Баҕар, кини, кырдьык алҕаһаан үрдүк сыананан атыылыыра
буолаарай?
    Маҕаһыын аһыллар кэмэ туолуута, үс чаас охсуута, Анна
Андреевна тиэтэйэн кэлбитэ:

 116
   111   112   113   114   115   116   117   118   119   120   121