Page 118 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 118

мин хаһан даҕаны кэтэн көрө иликпин. Атын кыргыттар, дьах-
таллар кэтэллэрин эрэ көрөбүн. Уонна өтөрүнэн кэтэрим даҕа-
ны биллибэт. Ийэм хамнаһын да, устудьуон истипиэндьийэтин
да баһа биллэр ини.

    — Бу эйиэхэ! — диэтэ Анна Андреевна уонна куоптаны түөс-
пэр саба бырахта. — Эйиэхэ олус барыыһык. Киин универ-
магка тахсыбыт. Былдьаһык бөҕө. Мин кэтэх аанынан билэр
дьахтарбыттан иккини ыллым — биири бэйэбэр, биири эйиэхэ.

    — Кэбис, Анна Андреевна...
    — Тоҕо? Мин эйиэхэ бэлэхтиибин ээ. Киһи бэлэҕиттэн ак-
каастаммат куолу...
    — Баһыыба... ол эрээри бачча сыаналааҕы... хайдах... босхо
ылыахпыный?
    — Чэ, баҕар, билигин ылыма даҕаны. Бу остуолга ууран кэ-
биһиэх. Практикаҥ бүттэҕинэ, бырастыылаһарбытыгар ылаар.
Сөп дуо?
    Мин дьиэбэр барарбар Анна Андреевна маҕаһыынын хатыы
хаалбыта.
    Муус устар 14 күнэ, сэрэдэ.
    Оо, дьэ, саат! Саат! Сымыйаччы аатырдым. Өссө «донуос-
чут» үһүбүн. Хайдах-хайдаҕый ити?
    Сарсыарда үлэ саҕаланыыта, тоҕус чаас буолуута, эр хаам-
мын ылынан, улахан маҕаһыын дирекциятыгар тиийдим. Дирек-
тор солото суох диэтилэр. Күүттүм. Өр күүттүм. Дьон кабинек-
ка быыстала суох киирэллэр-тахсаллар. Уот кыһыл баттахтаах,
хараҕын тулата күп-күөх кырааскалаах сэкирэтээр кыыс баара
миигин төрүт киллэрбэт. Уон чаас буолуута нэһиилэ киирдим.
    — Үлэ көрдөһөҕүн дуо? Үлэ суох, — дии тоһуйда директор,
үйэтигэр аһаабатах курдук көтөх киһи, мин диэки көрбөккө да
эрэ, кумааҕытыгар умса түһэн олорон.
    Мин симиттэн хааллым. Инньэ гынан, маҕаһыын, эт сыана-
тын, Анна Андреевна тустарынан одоҥ-додоҥ кэпсээтим.
    — Мин солом суох. Ону эн солбуйааччыбар эт. Салаа ма-
ҕаһыыннары Иван Иванович дьаһайар, — директор ойоҕоһугар,
истиэнэҕэ баар кнопканы баттаата.
    — Иван Ивановиһы.
    Көрүөх бэтэрээ икки ардынан Иван Иванович баар буола
оҕуста.
    — Иван Иванович, бу oҕo ханна эрэ сыана бутуллубутун
туһунан этэр. Эн кинини кытта кэпсэтэн быһаар эрэ, — диэ-
тэ директор. — Уонна эти тоҕо наар Нагорнай маҕаһыыныгар
тиэйтэрдиҥ? Эйигин дьаһайбыта дииллэр.

 118
   113   114   115   116   117   118   119   120   121   122   123