Page 125 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 125
— Итиннэ мин укпатаҕым!.. — мин Анна Андреевна илии-
лэрин тоҕута садьыйдым. — Эн! Эн... укпуккун! Соруйан!.. Си-
тиһэн!.. Эн!.. Эн!.. Уоруйах!..
— Көр эрэ маны! Уора-уора, өссө үөхсэ турар! — Анна Ан-
дреевна өрөһөлөнө түстэ. — Табаарыс лейтенант, иһит бу
уоруйах тылын! Мин бэйэм кини сиэбигэр укпут үһүбүн! Эт-
тэҕэ эриэккэһин!..
— Уоскуй, уоскуй. Уоруйахтар аһарына сатыыр идэлэрэ, —
диэтэ Курбатов, планшетыттан кумааҕы хостоон, остуолга
олоро-олоро. — Акт суруйуохпут.
— Дьааһыккар төһө харчы хаалбытай? — Курбатов Анна Ан-
дреевнаттан ыйытта.
— Икки мөһөөктөн тахса буолуо.
— Манна мөһөөк аҕыс уон баар.
— Сорҕотун, баҕар, бу кыыс атын сиэбигэр уктубута буо-
луо. Бу кэтэн турар таҥаһын көрүөх баар, — Иван Иванович,
ымаҥныы-ымаҥныы, илиитин сарбатан мин диэки уунна.
— Илиигин киэр гын! — диэн маҕаһыын аанын диэкиттэн
хаһыы дуораһыйаатын кытта, Иван Иванович атаҕа буочука нө-
ҥүө адаарыйан эрэр эбит.
Иннибэр эппэҥнэччи тыыммахтыыр, сирэйэ-хараҕа турбут
Коляны көрө түстүм. Коля, кинилэр тугу саҥаралларыгар кы-
һаллыбакка, мин харахпын утары көрөн турда.
— Наташа, куттаныма...
Бу кэмҥэ — хантан истэ охсубута буолла? — Олимпиада
Филипповна кэллэ. Биһиги киниэхэ туох-ханнык буолбутун
кэпсээтибит.
— Наташа, маладьыаскын! Үнүрүүн мин «уурай» диэн алҕас
сүбэлээбит эбиппин. Сүүлүктэри утары харса суох охсуһуох-
ха, кинилэри арыйталыахха наада. Эн дьиҥнээх комсомолка
эбиккин. Биһиги оскуолабыт эйигинэн киэн туттар, — диэтэ
Олимпиада Филипповна уонна кабинеттар диэки көрө-көрө
эттэ: «Сүүлүктэри туталларын оннугар, чиэһинэй оҕолору тута
сылдьаллар. Бэйэ, мин кинилэри кытта кэпсэтэрим буолуо!
Эһиги эмиэ кырдьыккытын таһаарарга кытаатыҥ. Оскуолабыт
чиэһин харыстыаҕыҥ!»
Инньэ диэт, Олимпиада Филипповна, бытаан бэйэтэ сыы-
дамсыйан, сымнаҕас бэйэтэ тыйыһыран, чиҥ-чиҥник тирэм-
мэхтээн, хаахынас халҕаны эрчимнээхтик тэлэйэ баттаан, Кур-
батов кабинетыгар киирдэ. Биһиги завучпутуттан мөҕүллүөхпүт
125