Page 130 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 130
һаан эрдэхпинэ, аттыбынан «Суһал көмө» массыыната орулаан
ааста. Сүрэҕим ытырбахтыы түстэ: Коля ханнаный? Дьонтон
ыйыталаһан көрдүм да — туох-ханнык буолбутун дьиҥнээҕин
ким да билбэт. «Биир киһи биир уолу, эккирэтэн истэҕинэ,
массыына анныгар аспыт үһү. Ону, ол аспыт киһини, суоппар
бэйэтэ тахсан туппут. Сиэбигэр баһаам элбэх харчылаах үһү.
Уоруйах буолуо... Уол тыыннаах...» — дэһэллэр. Ол чахчы Коля
уонна Иван Иванович буоллахтара. Коля тоҕо Иван Ивановиһы
эккирэттэ? Иван Иванович Коляны тоҕо массыына анныгар
аста? «Тыыннаах...» Уой, сүрүн. Мин төттөрү табаарыстарбар
сүүрдүм.
Оҕолор бары куорат балыыһатын травматологическай отде-
лениетыгар таҕыстыбыт. Сиэстэрэлэр: «Этэмэт. Атаҕын эчэп-
пит. Куттанымаҥ», — диэтилэр да, мин куттаммытым букатын
ааспата. Өр да өр күүттүбүт. Бастаан быраас көрдө, рентгеҥҥэ
уһуллулар, гипсэлээтилэр быһыылаах. Онтон аны милиция си-
лиэдэбэтэлэ кэллэ диэн буолла. Киэһэлик көрүһүннэрдилэр.
Ону даҕаны Витя биһиккини эрэ киллэрдилэр.
— Били Иван Иванович Анна Андреевналыын маҕаһыыны
саба барбыттара дии, — диэн кэпсээтэ Коля, — онно мин,
хайдах эрэ сибикилээн, ааҥҥа тиийэн бэтэрээттэн кинилэ-
ри кэтээн көрбүтүм. Ол көрдөхпүнэ, ааны хатыы туран, Анна
Андреевна Иван Иванович кулгааҕар тугу эрэ сибигинэйбитэ.
Иван Иванович кэҕис гыммыта. Бэттэх тахсыбыттарын кэннэ,
мин Иван Ивановичтан харахпын араарбатаҕым. Олимпиа-
да Филипповна кэлбитэ. Дьон бары кинини көрө түспүттэрэ.
Миигиттэн уратылар. Ол кэмҥэ Иван Иванович муннукка баар
долбууртан, ол-бу бөх-сах анныттан, тирээпкэ суулаах тугу эрэ
ылан сонун сиэбигэр угунна. Ити икки ардыгар мин ону көр-
бүппүн биллэ. Биллэ да таһырдьа ньылбыс гынна. Мин дьоҥҥо
тугу да этэр бокуой булбакка, кэниттэн эккирэттим.
Эккирэтэрбин көрөөт, били баҕайым буута быстарынан ой-
до. Буочука курдук суон эрээри, син сүрдээх түргэнник сүүрэр
түөкүн эбит. Уулусса уһугар эрэ ситтим. Ситээппин кытта бу
түөкүнүҥ мостовойга ыстанна. Уонна мин субу санныттан хар-
баан эрдэхпинэ, халбарыс гынна да, миигин умса аста. Кэнни-
биттэн самосвал испит, миигин ол анныгар анньыан баҕарбыт
эбит. Дьолго, суоппар, сэрэнэн иһэр буолан, массыынатын
арыый өрүһүйэн тохтотто, бу хаҥас атахпын эрэ кыратык ха-
бырыттарда. Охтон иһэн мин: «Тутуҥ! Тутуҥ!» — диэн хаһыы-
таатым быһыылаах. Суоппар ону да иһиттэҕэ уонна миигин
130