Page 135 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 135
Ааҕыы, ырытыы
Сайсары күөлгэ түбэлтэ
(Сэһэн кылгатыллыбыта)
Табыллыбатах күн
Такси Белинскэй уулуссанан Аппа үрдүгэр тиийдэ уонна
университет кылаабынай куорпуһун иннинэн радиоцентр диэ-
ки сылыбырайда. Тэйиччи ипподром көһүннэ, Сайсары күөл
үрдүнэн элээрдэн иһэн суол ойоҕоһуттан, хантан кэлбиттэрэ
биллибэккэ, соҕотохто массыына иннигэр үс-түөрт оҕо баар
буола түспүттэригэр, арыычча туормастаата, педалын туох
баарынан үктээбитигэр киһи куйахатын күүрдэр тыас кыычы-
гыраата, муҥунан испит массыына тирэҕин булбакка халта-
рыҥнаан, суол кытыытынааҕы тоҥуу хаарга анньыллан тох-
тоото. Давидян уордайан бүгүҥҥү туох баар кыһыытын-абатын
бу орой мэниктэргэ тоҕо сүөкүүр баҕалаах массыынатын
аанын тэлэйэ анньарын кытта, оҕолор киниэхэ саба сырсан
кэллилэр, долгуйан былдьасыһа-былдьасыһа саҥардылар:
— Дьээдьэ, дьээдьэ...
— Милицияҕа барыаххайыҥ...
— Итиннэ түөтэни өлөрбүттэр...
Давидян оҕолор тылларыттан соҕотохто уостан, бэл, хай-
дах эрэ түлэс-балас буолла: «Утуйа сылдьабын дуу, тугуй», —
диэн, кымаахтаныан баҕарда, ити гынан баран, оҕолор сирэй-
дэрэ-харахтара турбутун көрөн саҥарда:
— Ол ханна баарый тетя?
— Итиннэ... — силигилии үүнэн баран, хагдарыйбыт хойуу
хомус үөһүн диэки ыйдылар. Назар массыынатыттан тэйэн,
ыйбыт сирдэрин диэки барда. Бу оҕолор тугу-тугу этэллэ-
рий? Ама кырдьык үһүө... Сэрэниин-сэрэнэн үктэнэн хомус
кумаламмыт сирин өҥөйдө уонна сымыһаҕын быһа ытырда —
илиитин сүөргүтүк быластаан эдэркээн дьахтар иттэни сытар.
Түөһүгэр баар кытархайы маҥан таҥаһынан саба бырахпыт
курдук. Өссө болҕойон көрдө, кыһыл өҥнөөҕө — тэрэпиискэ
буолбатах, хаан халыйбыта тоҥмута эбит. Давидян кэннинэн
чугуруҥнаан иһэн, сүүрэр-хаамар икки ардынан массыынаты-
гар барда, оҕолору бүлгүннэриттэн харбаталаан массыынаҕа
анньыталаата:
— Киириҥ, түргэнник, — күөмэйэ титирэс, кэһиэҕирэн хаал-
135