Page 138 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 138
быт Хамсеев миэхэ киирбитэ. Биһиги дуобаттаабыппыт, биир
бытыылка водканы испиппит (өссө дуобаттаахтар ээ!).
Хамсеевтыьн дуобаттыы олордохпутуна, Александрова Ге-
лена кэлбитэ, мин кинини 1971 сыллаахтан билэбин. Гелена
кэлбитин үдүк-бадык өйдүүбүн. Онтон Геленаны атаара бар-
дым быһыылааҕа (быһыылааҕа!), Сайсары күөлгэ сылдьарбыт,
Гелена миигин улаханнык өһүргэттэ быһыылааҕа (быһыылаа-
ҕа!), хаһыытыы түһээт, быһаҕынан түөскэ сырбаппытым... Онтон
дьиэбэр хайдах тиийбиппин билбэппин, сарсыарда милиция
үлэһиттэрэ кэлэн дьиэбиттэн ылбыттара...» (Тоҕо судургутай,
уопсайынан, Чехов уулуссатыттан кинилэр хайдах Сайсары
күөлгэ тиийэн хааллылар...)
Элиэнэп аны Давыдов дьиэтигэр оҥоһуллубут дьэҥдьиир
боротокуолун аахта: «...Давыдов дьиэтиттэн үс быһах көһүннэ,
олортон тимирин уһуна — 12 см, төрдүнэн — 2 см, ончоҕо 0,2 см
саха быһаҕа Александрованы өлөрүүгэ туһаныллыбыт буо-
луон сөп. Быһах судмедэксперкэ бэрилиннэ. Дьэҥдьииргэ 41
размердаах, тилэҕэ, оһо элэйбит кирзовай саппыкы көһүннэ,
саппыкыга хаан таммалаабытын санатар дьэбинниҥи хараҥа
бээтинэлэр бааллар...»
Аны бу судмедэксперт быһаарыыта: «Быһахха ханнык да хаан
бэлиэлэрэ суохтар... Саппыкыга көстүбүт хаан бөлөҕө — Валь-
фа (III) — өлүөхсүт Александрова хаанын бөлөҕөр сөп түбэһэр...»
Кырдьык, дьэ бу уорбалааһыны бигэргэтэр чиҥ дакаастабыл...
Быһылаан тахсыбыт сирин боротокуола: «Өлүк иттэннэри сы-
тар. Илиилэрэ быластыы быраҕыллыбыттар. Атахтарын тыылыы
тэппит...»
Элиэнэп: «Чэ, бэйи, сарсын сиһилии...», — дии санаат, атын
лииһи арыйда — өлүк хаартыскалара чугастан, тэйиччиттэн...
Эмискэ силиэдэбэтэл илиитэ дьигис гынан паапканы мүччү
тута сыста — хаартыскаҕа санаарҕаабыттыы саймаарыччы
көрбүт, бэрт холку-номоҕон дьүһүннээх кыыс. «Александрова,
Александрова... — Захар Захарович хаартысканы көрөн туран
толкуйдаата. — Капитолина араспаанньата эмиэ Александрова
этэ дии...»
Ол хас да сыллааҕыта, Захар Захарович маҥнай үөрэҕин
бүтэрдэҕин утаа этэ. Саҥардыы силиэдэбэтэллээн эрэр Элиэ-
нэп уоппускатыгар Хара Муора кытылыгар куруорка сынньам-
мыта. «Хайаа, ити саха курдук киһи», — диэн саҥаны истээт,
хараҕын аспыта — аттыгар икки кыыс турара, ууттан саҥардыы
тахсан, купальниктара, үтүктүспүттүү санныларыгар тарҕата
намылыппыт ньаассын баттахтара инчэҕэйэ, соһуйбут курдук
138