Page 137 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 137
сын бэйэм командировкаҕа көтөбүн, сибилигин кэл. Дьиэҕэр
төлөпүөннүү сатыы олорбутум, хата, даачалаабыккын Маль-
цевтан истэн... Чэ, күүтэбин...
— Сөп, сотору тиийиэм...
Силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев хо-
һуттан күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ таҕыстылар, прокуратураҕа
өр кэмҥэ силиэдэбэтэлинэн үлэлиир Харлампьевич оҕонньор
Захар Захаровиһы батыһан кини кабинетыгар кииристэ:
— Сахаар, — диэтэ кини, үгэһинэн сахалыы унаарытан.—
Маҥнайгы силиэстийэ түмүгэ, өлөрүөхсүтү була охсуу түргэнэ,
кэбэҕэһэ сүрдээх. Итинниги саарбаҕалыыр баҕайы. Маннык
түгэҥҥэ өрүү сэрэхтээхтик, итэҕэйэр-итэҕэйбэт иккэрдинэн
сыһыаннаһар куолу, — оҕонньор эдэр силиэдэбэтэл тулуйба-
тах-тэһийбэтэх быһыынан кэҕиҥниирин көрөн эбэн биэрдэ. —
Итини бэйэҥ да бэркэ билэриҥ чахчы, мин уруккута үөрэп-
пит оҕом буоларгынан эрэ этэбин. Бастакы силиэстийэ олус
көтүмэхтик оҥоһуллубут. Өлөрүөхсүтү тута буллубут диэн уос-
куйан хаалбыттар. Дьиҥэр, мунаах ыйытыылар элбэхтэр. Да-
выдов тоҕо, туох соруктаах итиччэ түүн Александровалыын
Сайсары күөлүгэр кэллэ? Кинилэрдиин ким эмэ сылдьыспы-
та дуо? Хаар түүнү быһа түһэр. Суолу-ииһи симэлиппит диэн
быһаарыы астыга суох. Сахаар, эн бэһис оптуобус суоппарда-
рын кытта кэпсэт, өлөрүү оптуобус тиһэх тохтобулуттан соччо
ырааҕа суох ээ. Баҕар, ким эмэ Александрованы эрдэ көрбү-
тэ буолуо. Бириэмэҕин өйдөө — судмедэксперт быһаарыыты-
нан, Александрова бастакы чыыһыла үүнэр түүнүгэр сүүрбэ
үс чаастан икки чаас иһигэр өлбүт, ол аата оптуобус сырыыта
бүтэрин саҕана. Ити кэмҥэ дьоннор оптуобуска бэрт сэдэх
буолааччылар. Онон суоппар кинини эбэтэр Давыдовы өйдүөн
сөп. Иккиһинэн, Хомподоев сөпкө этэр. Күөл чугаһыгар Алек-
сандрова билэр дьоннооҕо буолаарай, ону чуолкайдаа.
Харлампьевич тахсыбытын кэннэ Элиэнэп сейфэттэн паап-
каны ылла. Харлампьевич — итинник киһи, бэрт биллэр суол-
лары да хат-хат лэбэйэрин, быһаара сатыырын сөбүлүүр. Ол
эрээри үчүгэйи эрэ баҕаран сүбэлииргэ кыһаллан эрдэҕэ...
Иннигэр уурбут паапкатын чугаһата тарта, дьыаланы арый-
талаан үрдүнэн-аннынан көрдө. «Александрова Гелена Семё-
новна, 1953 с. төрүөх, Салдыннааҕы олох-дьаһах комбинатын
атах таҥаһын тигэр сыаҕын сэбиэдиссэйэ» «Интэриэһинэй...
саха, партията суох...» Сөөп, бу өлөрүөхсүт Давыдов Фёдор
көрдөрүүтэ: «Алтынньы 31 күнүгэр киэһэ биэс ааһыыта ыал-
137