Page 133 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 133
Билиэн-көрүөн баҕалаахтарга
«Софрон Петрович суруйааччы, общественнай деятель быһыы-
тынан төрөөбүт норуотун дьылҕатын-түбүгүн, олоҕун-кыһалҕатын, об-
щественнай быһыыга-майгыга дьиксиниитин, хотугу сир дьоно аас-
пат-арахпат кыһалҕаттан быыһаналларын, киһилии олохтоноллорун,
онон олохтоох норуоттар эстэр-быстар суолтан мүччүрүйүөхтэрин
туһунан санаа үүйэ тутарын, дьиксинэрин араас таһымнаах мунньах-
тарга этэрэ, бэчээккэ суруйара».
Доҕоро, олоҕун аргыһа Мария Егоровна
«…Софрон Данилов олоххо баар кэрэни кыраҕытык көрөр нарын
дууһалаах. Кини суруйуулара сырдыктар, тыыннаахтар, киһини үтүө
сиэрдиир, бастыҥ майгылыыр аналлаахтар. Бу орто дойдуга туох
баар барыта кэрэҕэ, сырдыкка тардыһар күүстээҕин, олоххо ананан
кэлбитин кини бэйэтин публицистикатыгар итэҕэтэр».
Д.Е. Васильева
«…Кини этэр тыла ууһа-урана, ис хоһооно дириҥэ, санаата сааһы-
ламмыта, кимиэнигэр да маарыннаабата… Кини этиитин ис хоһоо-
нугар сөп түбэһэн киһи үөрүөн, хомойуон, долгуйуон, абарыан-сата-
рыан, астыныан сөбө».
Н.И. Протопопова
«Олох кэрэлэрин умсарыы, айылҕаҕа дьиикэй сыһыан, святыня
буолар сирдэри аахайбат буолуу — кини ыалдьар боппуруостара.
Үлэ үтүө төрүөҕүн тэпсии, киһи кэрэ өрүттэрин сүтэрии суруйааччыны
эмиэ аймыыллара…»
Пётр Аввакумов
ЕГОР ПЕТРОВИЧ НЕЙМОХОВ
Саха норуодунай суруйааччыта
(1950—2011)
ОЛОҔУМ КЭПСЭЭНЭ
Мин 1950 сыл кулун тутар 30 күнүгэр Томпо улууhун Мэҥэ
Алдан сэлиэнньэтин олохтоохторо Татьяна Семёновна уонна
133