Page 132 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 132
— ийэтигэр сыһыана;
— доҕотторугар сыһыана;
— тулалыыр атын дьоҥҥо сыһыана;
— олоҕу көрүүтэ (үлэ, доҕордоһуу, дьол, чугас дьонуҥ ин-
нигэр эппиэтинэс туһунан өйдөбүлэ).
4. «Дневник» ис хоһоонугар олоҕуран, Наташа санаата хайдах
уларыйарын кэтээн көрүҥ.
5. Эһиги санааҕытыгар айымньы сүрүн мөккүөрүн сытыырха-
йыыта ханнык кэрчиккэ ойууламмытый?
6. Биһиги ортобутугар иван ивановичтар, анна андреевналар
бааллар дуо, кинилэр дьон-сэргэ олоҕор сабыдыаллара хай-
даҕый?
7. Тыҥааһыннаах кэмҥэ Коля дьиҥнээх доҕордуу сыһыан хо-
лобурун көрдөрдө диэхпитин сөп дуо? Дакаастааҥ.
8. Ааптар айымньытын тоҕо Наташа Уйгурова ыйытыытынан
түмүктүүрүй?
Анаан дьүүллэһии
Киһи олоҕор бу сэһэн суолтатын тула кэпсэтиитэ тэрийиҥ. Киһи
ханнык куһаҕан кэмэлдьитин, сиэргэ баппат майгытын-сигили-
тин дьүүлгэ таһаарыа этигитий? Бырайыакта оҥорон көмүскээҥ.
Тыыннаах тыл
Софрон Данилов сэһэниттэн ханнык күлүүс тыллары, этиилэри
күннээҕи олоххутугар туһаныа этигитий? Айымньыттан устан ылыҥ.
Эссетэ суруйуҥ.
Өйдөө, болҕой
Эссе диэн чопчу тиэмэни эбэтэр проблеманы киһи тус ылыныы-
тын, толкуйун тиэрдэр кылгас кээмэйдээх көҥүл сааһыланар, судургу
тылынан суруллар айымньы.
Сэһэн диэн эпическэй, сэһэргээһиннээх литература көрүҥэ; кэп-
сээн уонна роман икки ардынан жанр. Кэпсээнтэн атына — биир эрэ
түгэни буолбакка, хаһы даҕаны хабан көрдөрөр.
132