Page 134 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 134

Пётр Михайлович Неймоховтар диэн
                                     ыалга күн сирин көрбүппүн. Оччолорго
                                     олох-дьаhах ыараханыттан, эмп-томп
                                     суоҕуттан oҕo өлүүтэ-сүтүүтэ элбэх
                                     эбит, холобура, биһиги дьиэ кэргэҥҥэ
                                     хас да уол төрөөбүтүттэн мин эрэ ор-
                                     дон хаалбыппын.

                                          1957 сыллаахха Мэҥэ Алдан алын
                                     cүhүөx оскуолатын бэлэмнэнии (нуул)
                                     кылааһыгар үөрэнэ киирбитим, маҥ-
                                     найгы учууталым Бүлүүттэн төрүттээх
                                     Мякишева Варвара Федотовна диэн
                                     этэ. Кини сүрүн биридимиэттэртэн
                                     ураты ырыа уруогар балалаайкаҕа
үөрэтэрин, таһырдьа оонньоторун, хайыһарынан сүүрдэрин
саныыбын. Мин оскуоланы бүтэриэхпэр диэри ханнык үөрэххэ
киирэрбин ситэ-хото быһаарына илигим, ахсааҥҥа да куһаҕа-
на суох курдугум эрээри, саха литературатын таптыырым
баһыйдаҕа буолуо, саха салаатыгар туттарсарга сананным.
    Yрдүк үөрэҕи бүтэрэн, тыаҕа учууталлыы бараары сырыттах-
пына, учууталым Г.Г. Окороков номуукаҕа сыһыараары, миигин
куоракка хааллартарбыта. «Хотугу сулус» сурунаалга саҥа аһыл-
лыбыт кириитикэ, библиография салаатын сэбиэдиссэйинэн
ананным. Манна саха литературатын бөдөҥ суруйааччыларын:
Софрон Даниловы, Николай Габышевы, Семён Руфовы, Иван
Федосеевы, Семён Никифоровы, Василий Яковлевы, Алексей
Бэриягы кытта үлэлээбитим. Кэлин Далан, Пётр Аввакумов,
Тумарча кэлбиттэрэ. «Хотугу сулуска» бастакы сэһэннэрим,
кэпсээннэрим тахсыбыттара.
    Суруйааччы быhыытынан 2000 сылтан саҕалаан «Таптал
түөрт кэмэ», «Хара мааска», «Ильмень үрдүнэн туруйалар», «Бы-
hах биитинэн», «Алампа» диэн кинигэлэри суруйдум, мин сы-
наарыйбынан толору мэтирээстээх уус-уран икки киинэ оҥо-
hуллан, экирээҥҥэ тахсыбыта.
    Олох кэбирэҕин, кылгаһын бэйэм эппинэн-хааммынан бил-
бит киһи быһыытынан, хаалбыт кэммэр, кыах баар буоллаҕы-
на, үлүмнэһэ үлэлиэхпин баҕарабын.

 134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139