Page 136 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 136
быт курдук: «Өлөрүөхсүттэр чугас, кэтээн сытар буоллуннар,
түргэнник, түргэнник, милицияҕа...» — сытыытык кыламныыр
санаа чыбырҕаччы кэйиэлиир.
«Волга» хоҥнон, орулуу түһээт, муҥ кыраайынан иннин хоту
ыстанна.
Соһуччу сорудах
Силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэнэп прокуратура дьиэ-
тин туруору кирилиэһинэн аллара түһэн иһэн, ааҥҥа сыһыа-
рыллыбыт биллэриини көрөн аһарда: «Арба да сарсын субуо-
тунньук этэ дуу, бэйи, даачабар тахсан бараан истээх соммун
аҕаллахпына сатаныыһы», — дии санаата уонна чаһытын көрдө.
«Алтаны ааһан эрэр, Марианна үлэтиттэн кэлэрэ өссө чаас
курдук баар, онуоха диэри эргийиэхпин сөп эбит...»
«Запорожеһа» күлүүһү эрийэ тутарын кытта собуоттанан би-
рилээтэ, аргыый аҕай кэннинэн астаран таҕыста, гараж аанын
хатаата итиэннэ проспектан Петровскай уулуссатыгар салайан
айаннаан сирилэттэ.
Санаатыгар буолан, фара уотун сырдыгар суол кытыытыгар
ГАИ инспектора эриэн маһынан далбаатыы турарын дьэ өй-
дөөн көрдө: «Чочур Мураан анныгар кэлэн эрэр эбиппин, ГАИ
поһа, тоҕо тохтоттохторой?» Элиэнэп мунаахсыйда, массыына-
тын бытаарта. Старшина эбит, чугаһаан кэлэн чиэс биэрдэ:
— Бырастыы гыныҥ, силиэдэбэтэл Захар Захарович Элиэ-
нэпкин дуо? Баһаалыста, биһиги вагончикпытыгар киир,
силиэстийэ управлениетын начаалынньыга Хомподоев эйигин
звоннаатын диэбитэ.
Элиэнэп дьиибэргээтэ: «Биир чаас анараа өртүгэр көрсү-
бүппүт дии, ол икки ардыгар туох суһал дьыалата көһүннэ-
ҕэй...» Старшинаны батыһан вагончикка киирдэ, рация аттыгар
олорор младшай сержант формалаах кыыстыын кэҕис гынан
дорооболосто.
— Бу — силиэдэбэтэл Элиэнэп, Хомподоевы холбоо эрэ, —
диэтэ старшина кыыска.
— Хомподоев истэр, — бэркэ билэр куолаһа дуораһыйбы-
тыгар, Захар Захарович ыйытардыы старшина диэки көрдө,
анарааҥҥы рация диэки кыҥнах гынаат, сипсийдэ: «Саҥар...»
— Бу мин, Элиэнэппин, миэхэ наадыйдыҥ дуо?
— Оо, Захар Захарович, мунньахтаары эйигин кэтэһэ оло-
робут, биир дьыаланы эйиэхэ биэриэхтээхпин, мааҕын көр-
сөрбөр, этиэх буола олорон таһыччы умнан кэбиспиппин, сар-
136