Page 141 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 141
тообута. Оҕонньор куттаммытыттан эрдийэн, кини атын сиэп-
тэрин туппахтаан көрбүттэрэ да — тугу да булбатахтара.
Халаабыт киһилэриттэн тэйэн, арыгы маҕаһыынын туһаайан бар-
быттара, маҕаһыыҥҥа адьас чугаһаан эрдэхтэринэ, эмискэ ат-
тыларыгар туормас тыаһа кыычыгыраабыта. «Куотуҥ!» — Леха
өлөр хаһыыта иһиллибитэ, Федя эргиллибитэ уонна айаҕын
аллаччы аппытынан биир сиргэ хамсаабакка турбута. Күөх дьу-
раалаах араҕас массыынаттан милиционердар ыстанан түс-
пүттэрэ, кэннилэриттэн били соломо сэлээппэлээх оҕонньор-
доро ойон тахсыбыта уонна уҥуох-тирии тарбаҕынан ыйа-ыйа,
хаһыытаан чаҥкынаппыта:
— Тутуҥ, тутуҥ! Кинилэр! Фантомастар!
Үһүөннэрин быччаччы тутан ылбыттара. Силиэстийэҕэ сап-
пыкыһыт будкатын алдьаппыттара эмиэ арыллыбыта.
Давыдов хас да сыл буолан баран, хаайыыттан төннүбүтэ.
Көннөрү илии-атах хара үлэттэн үлэҕэ көһөн, ким түбэһиэҕи
кытта арыгылаан булкулла-тэккиллэ сылдьан, Геленаны көр-
сүбүтэ. Бары: «Иһээччигин, арыгыһыккын!» — диир кэмнэригэр
кини: «Эн алкоголик буолбатаххын ээ, тоҕо күн аайы иһэҕин,
туттунуоххун», — диэн кыыс ис сүрэҕиттэн этэрэ ыраас хал-
лааҥҥа ньиргийбит этиҥнии соһуппута уонна ханнык эрэ ин-
никигэ эрэл кыымын умаппыта.
— Хамсыайап! Хамсыайап! Аны милииссийэттэн эйигин си-
лиэстийэлии кэллилэр.
Түгэх хостон, Стивенсон боксер уруһуйдаах футболканы
тиирэ кэппит, баттаҕа кырымахтанан эрэр киппэ киһи тахсы-
бытыгар, Хамсеев буоллаҕа диэн сэрэйдэ: «Бокс диэн баран
муннукка ытаабыт киһи эбит, бэл, кэтэ сылдьар таҥастыын
боксаҕа сыһыаннаах...»
Элиэнэп дьиэлээх киһи мастыы кытаанах кэтит баппаҕайын
тутта: «Боксаны сэҥээриэххин сэҥээрэр киһи эбиккин ээ», —
диэн толкуй кыламнаан ааста.
— Элиэнэп, силиэдэбэтэлбин...
— Хамсеев...
— Мин туох дьыалаҕа кэлбиппин сэрэйэр буолуохтааххын.
Эн ыалыҥ уонна алтынньы отут биирис күнүгэр киэһэ бииргэ
аһаабыт киһиҥ Давыдов киһини өлөрүүгэ буруйданар, онон
таҥын уонна билигин Давыдов дьиэтигэр тахсыахха, кэпсэ-
тиэхпит...
— Эн боксаны сэҥээрэр быһыылааххын ээ? — Захар Заха-
рович куукунаҕа киирэн, санныгар саба быраҕыммыт истээх
сонун кичэйэ-кичэйэ бүрүнэ тардынар Хамсеевтан ыйыппы-
141