Page 144 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 144
— Даа, хаһан эрэ самаан сайын, Хара муора кытыла баа-
ра, оттон билигин бу — бииртэн биир охсуу... — Капитолина
ытамньыйда, куруһубалаах кыра ноһубуой былаатын уһугунан
хараҕын сотто-сотто, ботугураата.
Элиэнэп, кини уоскуйарын күүтэн, чочумча саҥата суох ку-
мааҕылары арыйталыы олордо, онтон төбөтүн өндөттө:
— Бастатан туран, балтыҥ Гелена хомолтолоохтук өлбүтүнэн
дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Иккиһинэн, бэйэҥ да сэрэй-
дэҕиҥ — бу дьыаланы мин силиэстийэлиибин, онон ыйытыы-
ларбар дьэҥкэтик уонна чопчу эппиэттиэҥ диэн эрэнэбин.
Мин баҕам, Капитолина, өлөрүөхсүтү түргэнник булуу...
— Хайдах? — дьахтар былаатын хараҕыттан арааран кинини
көрө түстэ. — Оттон өлөрүөхсүт көһүннэ диэбиттэрэ дии...
— Ким? — Элиэнэп ыйыта оҕуста.
— Оттон ити... милицияҕа. Мин бара сылдьыбыппар эппит-
тэрэ — Давыдов Фёдор диэн...
— Ол — алҕас. Давыдов бу дьыалаҕа буруйа суоҕа да-
каастанна диир кыахтаахпыт.
— Хайдах? — Капитолина чахчы соһуйбут көрүҥнэннэ,
уу-хаар бычалыйбыт харахтара кэҥээтэ, бэйэтэ сирэйдиин
уларыйарга дылы гынна. — Кини таҥаһыгар, бэл Геля хаа-
на таммалаабыт диэбиттэрэ дии уонна хайдах... Ол Давыдов
тойооскуну билэбин, биирдэ Геля биһиккини быһаҕынан ан-
ньаары тэлэкэчийбитэ ахан, Геля онтон сылтаан Салдыҥҥа
көспүтэ.
— Билигин экспертиза кыаҕа сүрдээх улахан. Онон, хаты-
лаан оҥоһуллубут экспертиза Давыдов саппыкытыгар биһилли-
бит хааны эр киһи муннуттан таммалаабыт диэн түмүк оҥордо.
Ону таһынан кини дьиэтигэр көстүбүт үс быһахха хаан ханнык
да эттигэ да, киһи этин эбэтэр тириитин утаҕа да көстүбэтэ.
Захар Захарович бланканы суруйар машинкатыгар кыбытта.
— Капитолина Семёновна, туоһу быһыытынан ыйытыллар-
гынан, РСФСР холуобунай кодексатын 181—182 ыстатыйала-
рынан сымыйанан көрдөрөр түбэлтэҕэр эппиэккэ тардыллар-
гын сэрэтэбин.
— Аата алдьархайын, — дьахтар күлбүтэ буолла. — Ол, мин
тугу сымыйалыамый.
— Алтынньы отут биирис күнүгэр балтыгынаан тугу гым-
мыккытын, сэһэргэспиккитин өссө биирдэ сиһилии, лаппыйан
кэпсииргэр көрдөһөбүн. Гелена ханна эмэ барардаахпын дии-
рэ дуо? Бу дьыалаҕа кыттыгастаах буолуо диэн эн кими эмэ
144