Page 148 - Литература 8 кылаас 2 чааhа
P. 148
лэс харахтары кыайан таба одууласпата. — Мин бу дьыала-
ны үөрэтээри, Давыдов, эн биографияҕын сиһилии үөрэттим.
Сөхтүм уонна Давыдов, олус бэйэмсэҕиҥ эйигин иэдэппит.
Дьону хомоттоххуна, кинилэр эйигиттэн харааһыннахтарына
улахан дуоһуйууну ылар эбиккин. Чэ, холобур, баардарынан-
суохтарынан көрөн-харайан иипппит төрөппүттэргин, эйигин
улаатыннарбыт, оҕолообут, таптаабыт манньаларын тугунан
төлөөтүҥ? «Албыннаабыттар» диэн сымыйанан сылтанан, ки-
нилэртэн атырдьах салаатыныы арахсыбыккын, билигин өлөр
өстөөхтөргүнүү саныыгын. Кэлин үлэҕэр эйиэхэ үчүгэйдик сы-
һыаннаһа сатаабыт дьону, бэл Геляны, кыраттан сылтаан кыы-
һырдыҥ да: «Үтүө дьүһүммүн көрүҥ», — диэххэ айылаах араас-
таан дьаабыланаҥҥын кэлэтэн, тэйитэн кэбиспиккин. Өйдөн,
Давыдов, өйдөн, эн оҕо буолбатаххын ээ! Эйигин сөбүлүү сыл-
дьыбыт дьоҥҥун, төрөппүттэргин санаа, тоҕо кинилэр эйигит-
тэн хомойдулар?
Давыдов тугу да саҥарбата, сырдык харахтара сүүрэлиил-
лэрэ бытаарда, онтон тохтоон муостаны чыпчылыйбакка одуу-
ластылар. Кэмниэ-кэнэҕэс хатырбыт балларыттаҕас уостара
хамсаатылар, кыратык кыыкынаан саҥарбыта нэһиилэ иһи-
линнэ:
— Гражданин силиэдэбэтэл, эн сүбэҥ хойутаабыт... Үтүөҕэ
тиэрдиэхтээх киһим барбыта, букатыннаахтык...
...От ыйын уон биэс күнэ. Кэмниэ-кэнэҕэс, күүтэн-күүтэн
уоппускам маҥнайгы күнэ дьэ үүннэ ээ! Түннүкпүн тэлэччи
аһан, дьиэбэр генеральнай уборка оҥордум. Онтон эбиэккэ
диэри кинигэ ааҕа-ааҕа сыттым. Күнүс сыралҕан да сыралҕан
куйаас буолла! Ыксаан, өрүскэ сөтүөлүү киирдим. Кумах кы-
тылга ууга оҕолор чомполоноллор уонна биир эмэ бэйэм кур-
дук уоппускалаахтар бааллар. Кытылтан кэһэн киирэн иһэн
төбөм оройунан ыстанан кэбистим. Бу сөрүүнүн, үчүгэйин!
Өрө күөрэйэн үөскэ харбаан киирдим, онно аттыбынан арай
сиирэ-халты киһи алларанан умсан ааста, миигин таарыйаат,
соһуйбуттуу ууттан үөһэ ыстанан таҕыста — токур муруннаах,
хойуу хаастаах эр киһи эбит, миигин көрөн буруйдаммыттыы
мичээрдээтэ: «Бырастыы гын, алҕаска», — диэтэ. Мин күлэн
кэбистим. Харбаан күппээллээн эрдэхпинэ, кини мин аттыбы-
нан ааста: «Кэрэ кыысчаан, сэрэн, олус дириҥҥэ кииримэ»,
— диэтэ. Мин күлбүппэр, киһим мичээрдээбиттии тутунна, он-
тон сүр боччумнаахтык эттэ: «Кырдьык да, эн Александрова
Гелена диэҥҥин, олох-дьаһах комбинатыгар үлэлиигин. Мин
148